Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо ылыыга бүгүҥҥү ааҕыынан Саха сириттэн уопсайа 8 265 сайабылыанньа киирдэ. Итинтэн 3 000 тыһыынча киһиэхэ сири биэриигэ аккаастаабыттар. Ити туһунан уопсастыбаннай балаатаны кытта көрсүһүүгэ баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыыларыгар миниистири солбуйааччы Ньургустаана Пахомова эттэ.
«Каарта дааннайдара сөбө суохтарыттан аккаас 44% турар. Сайаапка биэрбит киһи «ыраас түөлбэҕэ» тиксэ сатыыра чахчы. Ону сирийэн ырыттахха, сир үһүс сирэй бас билиитигэр баар буолан тахсар», — диир кини.
“Кыах баарынан биһиги специалистарбыт дьону кытта сибээскэ тахсаллар уонна сир кыраныыссатын бэрт кыратык сыҕарытан биэрэргэ сүбэлииллэр эбэтэр атын барыйааны көрдүүллэр», — диир миниистири солбуйааччы.
Кини этэринэн, Хаҥалас улууһугар дьон элбэхтэ Россия наукаларын академиятын сиригэр-уотугар түбэһэр. Ити сир быһа холуйан 100 гектары хабар. Докумуоҥҥа ситэри киирэ илик, ол иһин каартаҕа суох эбит.
«2015 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла ойуур фондатыгар баар сирдэр кадаастыр учуота суох бэриллибиттэрэ. Ити улахан кыһалҕаны үөскэттэ. Түмүгэр кадаастыр учуотугар сирдэр суохтар, онон дьон үһүс сирэйдэр бас билиилэригэр баар учаастактары талар», — диэтэ Пахомова.
Ойуур департаменын идэлээх үлэһиттэрэ аккаас ахсана аҕыйыырыгар, сайаапка биэрбит киһини кытта ыкса ылсан үлэлииллэр.
Бүгүҥҥү туругунан 31 муниципальнай тэриллии, ол иһигэр Өймөкөөн, Өлөөн сокуону олоххо киллэриигэ кытталлар.