Госдуума иккис уонна үһүс ааҕыыларга сокуон барылын ылынна, онно этиллэринэн фермердар хаһаайыстыбаларын учаастагар олорор дьиэни тутталлара көҥүл буолуон сөп, суруйар Парламентская газета.
Билиҥҥи сокуонунан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар сирдэргэ олорор дьиэни туттуу бобуулаах.
Сокуон барылын көҕүлээбит ааптардар этэллэринэн, ити дьоҕус предпринимательство сайдыытын атахтыыр, чуолаан бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлэрин.
«Сокуон барыла көрөрүнэн, бааһынай хаһаайыстыба сирин учаастагар олорор дьиэни бэйэ бас билиитигэр туттуон сөп», — диэтэ айылҕа ресурсаларыгар, бас билиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэт баһылыга Николай Николаев.
Сиһилии https://ysia.ru/fermeram-mogut-razreshit-stroit-doma-na-zemlyah-selhoznaznacheniya/
This post was published on 16.06.2021 15:01 15:01