Бу быһылаан былырыын күһүн Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтигэр буолбута. Дьыала суукка көрүллэн, бириигэбэр тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суут быһаарбытынан, 2017 сыл сэтинньи ыйын саҥатыгар бу киһи аймаҕын уонна биир билэр киһитин кытта үһүө буолан, кини бэйэтин дьиэтигэр арыгылаабыттар. Маннык аһааһыҥҥа-сиэһиҥҥэ үксүгэр буоларын курдук, дьиэлээх хаһаайын уонна ыалдьыт кыыһырсан турбуттар.
Иирсээн бастаан утаа ааспыт курдук буолбут эрээри, түүн буолуута хаһаайын ону хаттаан өйдөөн кэлэн, кыынньан турбут уонна ыалдьыты түөскэ быһаҕынан анньан, миэстэтигэр тыынын быспыт.
Ону көрөн, аймаҕа киһи дьиэттэн сүүрэн тахсан, нэһилиэк баһылыгар тиийэн тыллаабыт.
Онтон баһылык быһылаан буолбут дьиэтигэр кэлэн, полиция үлэһиттэрэ кэлиэхтэригэр диэри, уорбаланааччыны тутан олорбут.
Суут 59 саастаах сууттанааччыны киһини соруйан өлөрүүгэ буруйдааҕынан билинэн, кини сааһын уонна буруйун билиммитин учуоттаан, 7 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.
This post was published on 02.03.2018 17:30 17:30