Баһылай Уйбаанабыс Уйбаныап – Чиллэ Баһылай олоҥхотун иһиттибит

Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнүн чэрчитинэн бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут Баһылай Уйбаанабыс Уйбаныап – Чиллэ Баһылай ыалдьыттаата. Кучу чэй иһиилээх, саха бастыҥ аһын алаадьы амсайыылаах тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинэ салайааччы Агафья Еремеевна Захарова уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҥхо түмсүүтүн салайааччы Февронья Васильевна Шишигина иилээн-саҕалаан тэрийдилэр.


З.Г.Сысолятина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин испэсэлииһэ саннаатын үллэстэр: «Баһылай Уйбаанабыс Уйбаныап – Чиллэ Баһылай ыҥырыыбытын ылынан, көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка эрдэ кэлэн икки нэдиэлэ устата Бэс Чагдаҕа 62 оҕону, 7 уһуйааччыны кытта алтыста, олоҥхоһут билигин Ньурба Мархатыгар олорор. Кини Чиллэ диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ, аҕата Иван Алексеевич сэрии кыттыылааҕа, санаата кэллэҕинэ ыллыыр-туойар идэлээх эбит, ийэтэ Анна Васильевна ыһыахтарга бэрт чэпчэкитик туттан-хаптан оһуохайдыыра. Бэйэтин саастыылаахтарыгар ыллаан-туойан иһитиннэрэрэ. Олоҥхоһут Чиллэ идэтин баһылаабытыгар бэйэтэ биир түгэни саныыр.  Ол курдук, кини 5-с кылааһы бүтэрбит сылыгар, төрөппүттэрин кытта субан сүөһү көрсөн сайылыкка сайылаабыт, аҕата Былатыан Ойуунускай 5 туомнаах кинигэтин атыылаһан аҕалан, сайылык дьонун мунньан киниэхэ аахтаран, сорох кэмҥэ ыллатан-туойан сайыны билбэккэ ааспыттар. Ол туһалаабыт буолуон сөп».

Мустубут дьоҥҥо Чиллэ Баһылай кэнники айбыт «Тоҕус халлаан уоһугар тура түһэ сылдьар сылгы сыыдам сырыылаах, дьураа харахтаах Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ. Олоҥхотун ырыата-тойуга киһи эрэ сэргиэх! Хас биирдиилэрин ырыатын уобарастаан, олоҥхо ырыатын тойугун истээччилэригэр тириэртэ.

А.Е. Захарова, ф.н.к., Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата тус санаатын этэр: «Баһылай Уйбаанабыс Уйбаныап – Чиллэ Баһылайы аан бастаан 2006 сыллаахха Ойуунускай аатынан музейга көрсөн, онтон ыла алтыһабын. Ийэ олоҥхоһуттар Петр Егорович Решетников, Дарья Андреевна Томская – Чаайка бааллара. Ол кэмтэн ыла 12 сыл ааста, билигин Баһылай Уйбаанабыс хас да сурукка тиһиллибит олоҥхолоох, 8 олоҥхо ааптара. Норуот айымньытын дьиэтигэр улахан, дьиҥнээх олоҥхоһуттар толорууларын истибитим. Кинилэр этэр тылларын уонна ыллыыр ырыаларын тэбис-тэҥҥэ тутан толороллор. Бу туһунан олоҥхону чинчийээччи, эпосовед И.В. Пухов этэн турар. 2008 с. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинэ арыллан элбэх өрүттээх үлэни ыыта олоробут. Ол курдук, сыл ахсын үтүө үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээлгэ 500-кэ оҕо кыттар. Эдэр ыччат ассоцияциятыгар 17-35 диэри саастаах олоҥхону толорор, ону ааһан айар дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Олоҥхоҕо сыстыбыт оҕо атын өйдөөх-санаалаах. Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууну сайыннардыбыт, сөргүттүбүт диэххэ сөп. 10 сыллаах бырагыраама ылынан, ол чэрчитинэн үлэ бөҕө ыытылынна. Билигин иккис 10 бырагыраама чэрчитинэн үлэ тиһигин быспакка бара турар. 2006 с. Америкаттан Аан дойду ускуустубатын үөрэтэр киин директора, уус-уран тыл институтун доцена Робин Харрис кэлэ сылдьан миигиттэн интервью ылбыта. Онно олоҥхону шедевр оҥордубут эрээри, дьиҥнээхтик толорор киһи суох, кыаллыа суоҕа диэн эппитэ. Ити эрээри бу сайын норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кэлэ сылдьан, кини ити эппитин төттөрү ылбыта. Ханныгын да иһин биһиги норуоппут талааннаах, уус-уран тылынан айымньытын этигэр-хааныгар иҥэрэ сылдьар«.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин солбуйааччы директора олоҥхоһуттары мэлдьи өйүүр, өйдүүр, сыаналыыр. Олоҥхоһут Баһылай Уйбаанабыс Уйбаныап – Чиллэ Баһылайга махтал сурук, өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.

This post was published on 28.11.2017 18:00 18:00