Баһаарынайдар - аармыйа туйгуннара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатыгар үлэлиир дьон үгүстэрэ бэйэлэрин кэмигэр аармыйаҕа сулууспалаан, төрөөөбүт дойдуларыгар ытык иэстэрин чиэстээхтик төлөөбүт дьон. Сорохторо “итии туочкуларга” сулууспалаабыт, буорах сытын, сэрии ыар тыынын билбит дьон. Кинилэр билигин да баһаарынай чаастарга сылдьан, сулууспаларын салгыыллар, дьон олоҕун араҥаччылыыллар.


Аармыйа олоҕуттан кэпсэл буолла да үгүстэр “армейскай олох” мүччүргэннээх кэмнэрин, сырыыларын туһунан ахталлар. Төһө да көр-нар курдук кэпсээтэллэр, туһугар эмиэ истээх-тастаах диэххэ. Билигин 50-лаах дьон бары кэриэтэ Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыттара, онтон эдэрдэрэ Арассыйа аармыйатыгар сулууспалаабыттара. Кинилэртэн үгүстэрэ билигин аармыйаны олох оскуолатын быһыытынан билинэллэр, эдэрдэргэ сулууспаны хайдаҕын да иһин барарга сүбэлииллэр.

Уус Алдаҥҥа

Уус-Алданнааҕы 34№ -дээх баһаарынай этэрээтигэр 107 үлэһиттэн 82-тэ сапааска тураллар, 15 сааһынан байыаннай учуоттан уһуллубуттар, 1 призывник, 5 киһиэхэ байыаннай билиэт оҥоһулла сылдьар. Баһаарынайдартан 4 киһи Арассыйа Федерациятын Сэбилэниилээх күүстэрин бэтэрээнэ диэн ааты сүгэллэр. Баһаарынайдар истэригэр «итии туочукаларга» сулууспалаабыттары Сэбиэскэй аарымыйа тэриллибитэ 100 сыллаах бэлиэ түгэнинэн махтал тылларынан ахтан аастахпытына сатанар.

«Афган сэриитигэр» 1980 сылларга сулууспалаабыт Семен Васильевич Черкашин билигин Суотту Оҕуруоттааҕы баһаарынай чааһыгар суоппардыыр, элбэх наҕараадалаах. Семен сэбиэскэй аармыйаҕа 1985-1987 сылларга сулууспалаабыта. Сулууспалыы барыан иннинэ суоппарга үөрэммит буолан, сулууспалыы тиийбит чааһыгар «Камаз» массыына уруулун туттарбыттара. Семен сулууспалаабыт сылларын өйдөөн көрбүт буоллаххытына, ити сылларга «Афган сэриитэ» саамай хаан тохтуулаах кэмнэрэ этэ. Уус-Алдан Суоттатыттан төрүттээх эдэр саха уола оччотооҕу сэбиэскэй кэм ыччата буоларынан, сэриигэ барыы туһунан боппуруос турбутугар, үгүс саллаат курдук тылланан, хайалаах Афганистаҥҥа тиийэн 1 сыл 10 хонук устата сулууспалаабыта. Аны сулууспалыыр кэмигэр рядовойунан сылдьан, этэргэ дылы, сэрии, сулууспа уустугун барытын аастаҕа. Ол да буоллар, дьылҕа хаан ыйааҕынан төрөөбүт сиригэр этэҥҥэ эргиллэн, түөһүгэр килэри наҕаарадалаах төннөн, дьонун үөрдүбүтэ. Холобура, Афганистан салалтатыттан «Воину-интернационалисту от благодарного афганского народа» мэтээллээх, оччотооҕу ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдэтэлэ М.С. Горбачев уурааҕынан «За мужество и воинскую доблесть» Бочуотунай Грамота тутуурдаах кэлбитэ.

Грамота билигин Черкашиннар дьиэ кэргэн уратытык харыстыыр, киэн туттар наҕараадаларынан буолар. Кэлин онно Арассыйа оборонаҕа миниистриттэн “В память 25-летия окончания боевых действий в Афганистане” диэн мэтээл эбиллибитэ. Семен Васильевич билигин төрөөбүт Суоттутугар баһаарынайдыыр кэмигэр ыччаттар кэллэхтэринэ: “Кылаабынайа сэрии буолбатын, ол гынан баран, эһиги эдэр ыччат аармыйаҕа сулууспалаатаххытына сатанар. Эр киһи аармыйаҕа хатарыллан, кииллийэн уонна олоҕу билэр, сыаналыыр буолан төннөр ”, — диэн сүбэлиир.

Уус-Алданнааҕы баһаарынай этэрээккэ ону кытта Чечня сэриитигэр сулууспалаабыт хас да киһи үлэлиирин бэлитиэххэ наада. Петр Петрович Черноградскай 2009 сыллаахтан Тандатааҕы чааска караул начальнигынан үлэлиир. Аармыйаҕа 1995-1996 сылларга сержанынан, БМП хамандыырынан сулууспалаабыта. Иннокентий Васильевич Гоголев 2013 сылтан Балыктаахтааҕы чааска караул начальнига. Аармыйаҕа 1998-2000 сылларга младшай сержанынан, артиллерийскай орудие хамандыырынынан сулууспалаабыта. Михаил Сергеевич Гоголев Дүпсэтээҕи баһаарынай чаас начальнига, чааска 2012 сылтан үлэлиир. Аармыйаҕа 2010-2011 сылларга сулууспалаабыта, Хотугу Кавказка террористары утары анал операцияларга кыттыбыта, үчүгэй сулууспатын иһин үс мэтээллээх.

Уус-Алданнааҕы баһаарынай этэрээт начальнигын солбуйааччыта Егор Афанасьевич Замятин билиһиннэрбитинэн, аармыйаттан үчүгэй сулууспаларын иһин бэлиэ наҕараадалаахтар эмиэ бааллар. Холобура, Бороҕоннооҕу чаас ГЗДС маастара Валерий Кондратьевич Герасимов 1987-1989 сылларга ЗабВоҕа радиотелеграфиһынан сулууспалаан, «За отличие в в воинской службе» бэлиэ наҕараадалаах. Оҕуруоттааҕы баһаарынай чаас суоппара Гаврил Николаевич Татаринов 2010-2011 сылларга Чуумпу Океаннааҕы флот “Адмирал Виноградов” байыаннай хараабылыгар старшай матроһунан сулууспалаабыта, ону кытта «электрик надводных кораблей» идэни баһылаан, «мастер военного дела» диэн кылааһын ылбыта. Кыһыл муораҕа Сомали кытылыгар тиийэ бойобуой походка сылдьыспыта уонна «За дальний поход» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Бороҕоннооҕу чаас баһаарынайа, эдэр киһи Валерий Ильич Бурнашев 2013-2014 сылларга Уссурийскай куоракка ракетнай чааска старшай стрелогунан сулууспалаабыта.

Эдьигээҥҥэ

Тус хоту хоһууна, Эдьигээн эр бэрдэ Николай Николаевич Лесовой Эдьигээннээҕи баһаарынай чааска 2011 сылтан үлэлиир, билигин караул начальнигынан үлэлиир. Эдьигээн Кыстатыамыттан төрүттээх Николай аармыйаҕа 2003-2004 сылларга Уссурийскай куоракка сулууспалаабыта. Оҕо эрдэҕиттэн эт-хаан өттүнэн кыанар эдэр киһини бэлиэти көрөн, анал сорудахтары толорор биригээдэҕэ снайпер-разведчик диэн дуоһунаска ылбыттара. Соторунан Николай биригээдэ састаабыгар Хотугу Кавказка террористары утары операцияҕа кытта барбыта. Хайалаах сиргэ уопсайа 6 ый устата снайперынан сулууспалаабытын иһин анал бэлиэлээх, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ ааттаах.

Николай билигин баһаарынай чаас, Эдьигээн чиэһин элбэх спорт күрэхтэригэр көмүскүүр, ааттатар дэгиттэр спортсмен. 2013-2015 сылларга «Дыгын оонньууларын» кыттыылааҕа, гиирэҕэ 3 разрядтаах.

Орто Халымаҕа

Орто Халыматааҕы баһаарынай чааска Кыһыл аармыйа тэриллибитэ 100 сылын көрсөллөр. Бу бырааһынньыгы ордук истиҥник сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыт баһаарынайдар саныыллар. Шульган Александр Викторович чааска 2016 сыллаахтан үлэлиир, билигин караул начальнига. Александр сэбиэскэй аармыйаҕа 1985-87 сылларга сулууспалаабытым диир. Аны сулууспалаабыт сирэ да ураты – оччолорго ГДР диэн ааттанар, ССРС –гар бырааттыы сыһыаннаах, Варшавскай дуогабарга киирэр дойду баара. Билигин уопсай Германия диэн ааттанар. Александр дьэ бу дойдуга 2 сыл устата ГДР-гар баар ССРС байыаннай группата диэн контингеҥҥа стрелок-зенитчик, зенитнай комплекс хамандыырынан сулууспалаабыт. Холобур буолан сулууспатын иһин «Отличник Советскай армии» бэлиэнэн наҕараадаламмыта, 1 кылаастаах исписэлиис аатын ылбыта.

Орто Халыма чааһыгар сэбиэскэй аармыйаны ааспыт опыттаах баһаарынайдары кытта Арассыйа аармыйатыгар сулууспалаабыт эдэр дьон эмиэ бааллар. Ол курдук, Евгений Егорович Слепцов бу чааска 2017 сыл ыам ыйыгар үлэҕэ киирбит. Билигин кини байыас дуоһунаһыгар үлэлиир. Евгений Арассыыйа аармыйатыгар бирисээгэтин 2013 сыллаахха биэрбит. Бастаан Хабаровскай анныгар баар танковай полкаҕа 5 ыйдаах үөрэҕи барбыт, ол кэннэ Уссурийскайга артиллерияҕа 4 ый сылдьан сулууспатын түмүктээбит. Евгений бу кэм устата механик-водитель идэтин ылбыт, Самоходнай артиллерийскай орудиеҕа старшай механик-водитель дуоһунаһыгар сылдьыбыт. Кини аармыйатааҕы кэмиттэн 1 ый устата Комсомольск-на-Амуре куоракка Амур өрүс халааныттан эмсэҕэлээбиттэри быыһыыр- чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ кыттыбытын ордук бэлиэтиир. Бу сыралаах-сылаалах үлэҕэ дьулуурун сыаналаан «Амурга халаантан эмсэҕэлээһини туоратыыга үлэтин иһин» мэтээли туттарбыттар.

This post was published on 23.02.2018 12:51 12:51