Баһаары умуруорууга Саха сиригэр 1500-тэн тахса киһи үлэлиир

Хаартыска: ЯСИА саайта

Биир күн иһигэр Саха сиригэр 71 366 га иэннээх уон ойуур баһаарын уонна 1353 га иэннээх икки айылҕа баһаарын умуруордулар. Бу туһунан сарсыарда атырдьах ыйын 16 күнүгэр экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Баһаардары Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Усуйаана улуустарыгар умуруордулар.

Ону таһынан 42 537,5 на иэннээх тоҕус ойуур баһаарын Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Горнай уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар тохтоттулар.

This post was published on 16.08.2024 11:14 11:14