28 Муус устар 28.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Баһаары эрдэттэн сэрэтэр тэрил оҕолор олохторун быыһаата

15:01, 21 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Сунтаар сонуннара хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ Сунтаар сэлиэнньэтин Өктөөп 70 сыла уулуссатыгар турар 4 этээстээх дьиэҕэ баһаар буола сыста. Бу элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаарынайдар суһаллык тэринэн тиийиилэригэр биир подъезд номнуо хойуу буруонан бүрүллэн көрсүбүт. Эбийиэктэн 12 киһини эвакуациялаабыттар, олор истэригэр биэһэ оҕо. Биир кыбартыыраҕа төрөппүттэрэ үлэҕэ бараннар, оҕолор бэйэлэрэ эрэ хаалан утуйа сыталлар эбит. Хата, дьолго ким да эмсэҕэлээбэтэх.

Кэнники сылларга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ барыларыгар билиҥҥи ирдэбилинэн баһаары эрдэттэн сэрэтэр тэрил – АДПИ – туруоруллубута алдьархайтан быыһаата диэн этэр тоҕоостоох. Санатан этэр буоллахха, соторутааҕыта эмиэ бу аадырыска умайыы тахса сыспытыгар АДПИ тыаһын истэннэр, олохтоохтор баһаарынайдары ыҥырбыттара.

Баһаар туохтан барбыт төрүөтүн тустаах тэрилтэлэр быһаарарга үлэлииллэр.

Билигин бары дьиэлэргэ, тэрилтэлэргэ Саҥа дьылы көрсө, элбэх гирлянда холбонорбут биллэр. Халлааммыт да тымныы буолан, сылытар тэриллэрбит элбэх. Онон кытарартан сэрэхтээх буоларбытын өссө күүһүрдүөхпүтүн наада. Оҕолору улахан киһи көрүүтэ-истиитэ суох хаалларар сэрэхтээҕин өйдүөх тустаахпыт.

Яина Власьева, «Сунтаар сонуннара» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА