Баһаартан харыстанарга автономнай "биллэрээччи" көмөлөһүөҕэ

Баһаартан киһи мала-сала, дьиэтэ-уота эрэ буолбакка, бастатан туран доруобуйата эмсэҕэлиир. Ордук түүҥҥү кэмҥэ тахсар баһаар кутталы үөскэтэр. Эргэ электрическэй проводкаттан, оһоҕу сэрэҕэ суох туһаныыттан, табахтан онтон да атын биричиинэттэн уот барыан син. Баһаартан хайдах харыстанар туһунан Саха сиринээҕи ЫБМ кылаабынай салалтатын пресс- сулууспата иһитиннэрдэ диэн, СИА кэпсиир.

Оперативнай дааннайынан, быйыл Саха сиригэр дьиэҕэ буолбут баһаартан сылтаан 14 киһи өллө, ол быыһыгар 4 оҕо. Статистика көрдөрөрүнэн, киһи өлүүлээх баһаар сүнньүнэн түүн, эбэтэр сарсыарда эрдэ буолар. Киһи утуйар уутугар сылдьан баһаар тахсыбытын билбэккэ хаалар. Ол курдук сыл саҕаланыаҕыттан дьон өлүүлээх баһаар Дьааҥы, Анаабыр, Таатта, Мииринэй уонна Сунтаар оройуоннарыгар буоллулар.

Баһаартан бэйэни уонна чугас дьоҥҥутун хайдах харыстыахха сөбүй?

Баһаар саҕаламмытын тута биллэрэргэ саамай көдьүүстээх тэрилинэн автономнай биллэрээччи (кылгатан АДПИ диэн ааттыыллар) буолар. Бу тэрил буруо саҥардыы тахсан эрдэҕинэ, киһи бэйэтин күүһүнэн уот умулларар кыахтаах эрдэҕинэ, уһуутаан биллэрэр.

Автономнай “биллэрээччилэр” баһаарынай сигнализацияҕа анал линия оҥоһулларын уонна эбии тэрили туһанылларын ирдээбэттэр. Бу тэрил «пальчиковай» батарейка көмөтүнэн үлэлиир. Буруо тахсыбытын биллэрэр тэрил сыаната «кыра» баһаар хоромньутуттан быдан удамыр. Хайа баҕарар чааһынай дьиэ эбэтэр кыбартыыра хаһаайына маннык тэрили дьиэтигэр туһанар кыахтаах.

Аны билигин пиростикеры диэн аатырда. Бу баһаары кыра эрдэҕинэ  чуолаан умулларар тэрил. Чааһынай дьиэлэргэ уонна кыбартаалларга автономнай баһаарынай «биллэрээччилэр», пиростикердар уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга бастакынан наадалаах тэриллэр баар буолуохтарына киһи быдан эрэх-турах сананар.

Уот- күөс тахсыбатын туһугар сэрэхтээхтик табахтыахха, гааһы көрө сылдьыахха, оһох уонна уот тэриллэринэн ититиитин кэтиэххэ наада.

Көрүүтэ суох кыра оҕолору бэйэлэрин эрэ хаалларар бобуллар. Уоту-күөһү үөскэтэр, түргэнник умайар маллары, испиискэни оҕолор тиийбэт сирдэригэр уурар ордук.

This post was published on 15.02.2022 17:15 17:15