Ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит 200-тэн тахса оҕо киин лааҕырдарга сынньаныахтара, доруобуйаларын туругун тупсарыахтара. Вице-премьер Сергей Местников иһитиннэрбитинэн, оҕолор үгүстэрэ Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгиттэн сылдьаллар.
«Ил Дархан Айсен Николаев эмсэҕэлээбит нэһилиэк оҕолорун «Океан», «Орленок», «Артек» лааҕырдарыгар ыытан, доруобуйаларын туругун тупсарар этиитин дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин өйөөбүтэ. РФ үөрэххэ министиэристибэтин кытары үлэлэһии түмүгэр оҕолору сынньалаҥҥа ыытыахпыт», — диэтэ Сергей Местников.
Билигин 20 оҕо Краснодарскай кыраай «Орленок» лааҕырыгар номнуо тиийэн сылдьар.
«Үөрэх министиэристибэтэ утары баран эбии 196 оҕо, ол иһигэр эмсэҕэлээбит Бэс Күөлүн оҕолоро сынньана барыахтара», — диэтэ солбуйааччы премьер.
Сергей Местников эппитинэн атырдьах ыйын 20 күнүгэр 70 оҕо «Океан» лааҕырга барыахтара.
«70 оҕоттон 19-һа Бэс Күөлүттэн сылдьаллар. Атырдьах ыйын 25, 26 күннэригэр «Артекка» 56, балаҕан ыйын 1 күнүгэр 70 оҕо «Орленокка» барыахтара», — диэтэ кини.
This post was published on 19.08.2021 13:01 13:01