Буомба ууруллубутун дуу, теракт буоларын туһунан дуу сымыйа иһитиннэриилэри сэргэ, баһаар буолбутун туһунан «01» нүөмэргэ эрийэн, сымыйа ыҥырыылар эмиэ тахсаллар.
РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5, оттон сыл саҕаланыаҕыттан 376 оннук сымыйа иһитиннэрии киирбит. Ол эбэтэр, баһаарынайдар толору сэбилэнэн, массыыналарын сиренатын холбоон, бэрт тиэтэлинэн халтайга тиийбиттэр.
Маннык сымыйа ыҥырыылар содуллара диэн — дьиҥ баһаар буоллаҕына, баһаарынайдар хойутаан тиийэн, дьон да, дьиэ да, атын баай-мал да уокка былдьаныан сөп. Бэл диэтэр, дэлби тэбии тахсыан сөп.
Итинник «уотунан оонньооччулар» билэллэригэр диэн эттэххэ, диспетчер төлөпүөнүгэр киирбит хас биирдии иһитиннэрии, кэпсэтии уһулла турар, ханнык нүөмэртэн эрийбиттэрэ тута көстөр. Онон, сымыйаны эппит киһини булар дэбигис.
Маны таһынан, буруйдаах киһи ити мэниктээһинин иһин административнай эппиэккэ тардыллар. Оттон сокуоннай сааһын ситэ илик буоллаҕына, эппиэтинэһи кини төрөппүттэрэ сүгэллэр, ботуччу ыстараап төлүүллэригэр тиийэллэр.
This post was published on 25.05.2016 10:53 10:53