20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Бүтүн Русь патриарха Кирилл Михаил Николаевка уордьан туттарда

09:01, 05 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Москваҕа Успенскай соборга Божественнай Литургия кэмигэр, Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылыгар анаммыкка, Московскай уонна бүтүн Русь патриарха Кирилл өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевка уордьан туттарда, суруйар СИА.

Нуучча православнай таҥара дьиэтигэр көмөтүн иһин, саха епархиятыгар өйөбүлүн иһин, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ уонна судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев 85 сааһынан, киниэхэ нуучча православнай таҥара дьиэтин «Слава и честь» I степеннээх уордьана туттарылынна.

Санаттахха, Московскай уонна бүтүн Русь патриарха Кирилл ахсынньы 4 күнүгэр Божественнай Литургияны Москватааҕы Успенскай соборга ыытта. Тэрээһин Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар киирбитэ 390 сылыгар ананна.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА