22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүтүн Россиятааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ буолар күнэ-дьыла көһүөн сөп

17:03, 02 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Росстат Бүтүн Россиятааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин 2021 сылга көһөрөр туһунан этиилээх. Сүрүн түһүмэҕэ 2020 сыл алтынньытыгар былааҥҥа турар, диэн СИА-ҕа Росстат Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрдэ.


Кулун тутар 30 күнүгэр коронавирус инфекцията тарҕанар куттала баарынан уонна самоизоляция эрэһиимэ киллэриллибитинэн, сорох регионнарга суола-ииһэ ыарахан нэһилиэнньэлээх пууннарга ыытыллыахтаах эрдэтээҥи биэрэпис тохтотуллубута.

Болдьоҕу уларытан биэрии биэрэпиһи ыытыы хаачыстыбатыгар уонна түмүгэр дьайбат, диир Росстат салайааччыта Павел Малков. Төттөрүтүн, өссө күүскэ онлайн-технологиялары баһылааһыҥҥа бэлэмнинии барыа. Санатар эбит буоллахха, бу Россияҕа бастакы цифровой биэрэпиһинэн буолуохтааҕа биллэр.

«Биэрэпис саҥа технологическай таһымҥа барыахтаах. Ити эрээри инфраструктураны уонна дааннайдары хомуйар, сааһылыыр оборудованиены бэлэмнээһини кытта сибээстээх хас да боппурос баар, – диир Павел Малков. – Биэрэпиһи суруйааччыларбытын үөрэтиигэ, хомуйар информациябытыгар куттал суоһаабатын хааччыйар техниканы таҥыыга олох кыра бириэмэ хаалла».

Инфекция тарҕаммытынан тас дойдулар статистиктарын үлэлэригэр кэккэ уларытыылар киллэрилиннилэр : АХШ, Бразилия, Киргизия биэрэпиһи ыытыы болдьоҕун көһөрдө.

Сиһилии https://ysia.ru/vserossijskuyu-perepis-naseleniya-mogut-perenesti/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА