Бөртөлүөт пилота тыыннаах

Муома оройуонун Сааһыыр сэлиэнньэтигэр хайа хапчааныгар түспүт бөртөлүөт пилота баар сиригэр көрдөөччүлэр тиийдилэр. СИА-ҕа “Полярные авиалинии”  хампаанньаттан иһитиннэрбиттэринэн, эмсэҕэлээбит киһи тыыннаах.

Хампаанньа пресс-сэкирэтээрэ  Станислав Платонов этэринэн, быыһыыр суудуна хамандыыра иһитиннэрбитинэн, бөртөлүөт пилота тыыннаах.

Көрдөөһүҥҥэ 39 киһи, 7 тиэхиньикэ, ол иһигэр Арассыыйа ЫБММ тус састаабын 14 үлэһитэ уонна 1 салгын суудуната кытыннылар.

This post was published on 03.10.2018 12:13 12:13