Бөрө тириититтэн остуол уонна кириэһилэ оҥордулар

Саха сирин бөрөлөрүн тириилэриттэн кофе иһэр остуол уонна кириэһилэ оҥорбуттар. Бу туһунан НВК «Саха» саайта суруйар.


Кыылы-сүөлү өлөрүү – сидьиҥ быһыы диэн өйдөбүл аан дойдуга күүскэ олохсуйда. Айылҕаны, тыынар тыыннааҕы көмүскээччилэр уонна харыстааччылар хамсааһыннара дойду ахсын күүһүрэн иһэр. Кинилэр кыыл тириититтэн тигиллибит таҥастан уонна оҥоһуктартан аккаастанарга ыҥыраллар. Итиниэхэ биһиги бултуур-алтыыр үгэспит, тирии таҥаспыт-саппыт хаалынньаҥ уонна сайдыыта суохпут бэлиэтинэн буолар. Бултаабакка, тирии таҥаһы кэппэккэ сатаан олоруохпут дуо?

Ону тэҥэ тымныыга сүүрүү аан дойду таһымыгар тахсыа дуо? Тохсунньу 5 күнүгэр Өймөкөөҥҥө иккис төгүлүн ыытыллыбыт «Тымныы полюһа» диэн 42 км 195 миэтэрэ уһуннаах марафону сүүрүүгэ 28 киһи кыттыыны ылла. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар уһун сүүрүүгэ кыттыбыт хорсун санаалаахтар «Талбан» биэрии студиятыгар ыалдьыттаатылар.

This post was published on 10.01.2020 11:22 11:22