Аллайыаха улууһугар «Кыталык» эркээйи сир төрүттэммитэ 20 сылын туолла. Билигин айылҕа судаарыстыбаннай заказнига дэнэр. Бу сыллар тухары айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ араас хайысхалаах үгүс үлэни ыыттылар.
Үүнэр көлүөнэни айылҕа харыстабылыгар иитии «Кыталык» тэрилтэ биир сүрүн хайысхатынан буолар. Улууска кииниттэн үрэҕинэн айаннаатахха 400 км. тэйиччи сытар Бөрөлөөх оскуолата экологическай хайысханы тутуһан 1997 сыллаахтан үлэлиир. Кинилэргэ Татьяна Стрюкова салайааччылаах улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекцията күүс-көмө буолар.
2000 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир экологическай хайысхалаах «Талахтаах» лааҕыр, оскуола иһинэн үлэлиир экокулууп үлэлэрэ түмүктээх буолбута үөрдэр. Ол курдук, Бөрөлөөх оскуолатын үөрэнээччилэрин айылҕа харыстабылыгар аналлаах хоһоонноро уонна остуоруйалара Тыытыллыбатах айылҕа аан дойдутааҕы фондата WWF таһаарбыт “Экологические стихи и сказки клубов друзей WWF” (2006 с.) кинигэтигэр киирбитэ дьоһун ситиһиинэн буолар.
“Кыталык” үбүлүөйдээх сылынан сибээстээн, ыраах сытар нэһилиэк оскуолатыгар «Оскуолаҕа экологическай үөрэхтээһин» диэн темаҕа “төгүрүк остуол” бэрт сэргэхтик ааста. Үөрэнээччилэр дьиэлэригэр баар тыыннаах муннуктарын туһунан билиһиннэрдилэр. Ол курдук, Шахова Алиса (5 кылаас) дьиэ кэргэнинэн куруолугу хайдах иитэллэрин, тугунан аһаталларын, Рожин Коля (6 кылаас) балта Индигиралыын чарапаахыны ииппиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Бэһис кылаас үөрэнээччитэ Андрей Бурцев сайын эбэлээх эһэтин, үйэ аҥара бииргэ олорбут ытык кырдьаҕастар Дмитрий Иванович уонна Елена Петровна Слепцовтар Сэргэлээх диэн балыктыыр учаастактарыгар тулаайах хаалбыт хаас оҕолорун бүөбэйдэспитэ оҕолорго үтүө холобурунан буолла.
“Төгүрүк остуолга” Аллайыаха улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Татьяна Стрюкова, улуус ветеринарнай инспектора Валентина Суздалова, нэһилиэк «Гяван» этнокультуурнай киинин директора Людмила Колесова, оскуола учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Татьяна Гаврильевна 2000 с. улууска аҕалыллан тэнийэн эрэр овцебыктар тустарынан хаартыскаларын көрдөрөн кэпсээбитэ улахан интэриэһи тарта. Оҕолор бэрт соторутааҕыта овцебыктары бэйэлэрин нэһилиэктэрин чугаһыгар көрбүттэрин сөҕөн-махтайан кэпсээтилэр.
— Биһиги бу сыллар устата Айылҕа харыстабылын улуустааҕы инспекциятын кытта ыкса үлэлээн кэллибит. Онон “Кыталык” заказник сүүрбэ сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит. Кэлэр көлүөнэ дьон олороллоругар ийэ сир баайа – көтөр-сүүрэр сүппэтин туһугар сыралаах үлэлэрэ түмүктээх буоллун, — диэтэ оскуола дириэктэрэ Аяна Хабарова.
Түмүгэр тулалыыр айылҕабытыгар туох буортулаах суоһуурун уонна ону тохтоторго туох үлэ барыахтааҕын туһунан быһаарыныы ылынан тарҕастыбыт.
Бу туһунан Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солуйааччы Надежда Дьяконова кэпсээтэ.
This post was published on 11.10.2016 09:01 09:01