Бүлүү ыалыгар туллуктар дьукаахтастылар

Бүлүү куоратыгар ыал тиэргэнигэр туллуктар дьукаахтастылар. «Үһүс күннэрэ«, — диэн хаһаайын СИА-ҕа кэпсээтэ.


Туллук — хоту туундараҕа уйаланар Татыйыктыҥылар кэргэннэригэр киирсэр чыычаах. Сайын үөнү-көйүүру сиир, кыһын туорааҕынан, от сыатынан аһылыктанар. Былыр саха оҕолоро доҕуурдаан тутан ыһаарылаан сиир идэлээхтэрэ.

Туллук — саас кэлиитин бэлиэтэ. Кулун тутар ортотуттан дьон хараҕар көстөн бараллар.

This post was published on 16.04.2021 10:01 10:01