«Бүлүү» уонна «Халыма» трассаларга муус суола кэлэр ый ортотугар сабыллар

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

«Бүлүү» суол управлениета «Бүлүү» уонна «Халыма» трассаларга түһүмэҕинэн муус суоллары сабыы уонна тырааныспар уйугун кыччатыы болдьоҕун эттилэр.

Муус устар 1 күнүттэн «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай трассаларга муус суоллары түһүмэҕинэн сабыы саҕаланыаҕа.

Муус устар 15 күнүттэн бары муус суоллар сабыллаллар, айан тохтотуллар.

This post was published on 02.03.2023 17:01 17:01