«Бүлүү» суол управлениета быйыл «Бүлүү» уонна «Халыма» айан суолларыгар 200 км кэриҥэ суолу өрөмүөннүүр, тутар былааннаах. Ону сэргэ муосталары бырайыактааһын уонна тутуу барыаҕа.
«Россия тырааныспарга министиэристибэтэ Саха сирин суолларыгар улахан болҕомтотун уурар. Биһиги региоммутунан араастаһар бүрүөһүннээх федеральнайдааҕы суол саамай уһун учаастага ааһар», — диэтэ суруналыыстарга «Бүлүү» суол управлениетын салайааччыта Николай Андреев.
Тэрилтэ салайааччыта 2020 сыллааҕы үлэ былаанын билиһиннэрэригэр, «Бүлүү» уонна «Халыма» айан суолларыгар өрөмүөн суотугар уонна суолу эбии тутууга барыта 192 км сиргэ үлэ барыахтааҕын эттэ.
«Халыма» трассатыгар икки ыарахан учаастак оҥоһуллуохтаах: Теплай Ключка норуокка биллэринэн «Заячья петля» уонна Уус-Ньара уонна Магадан уобалаһын икки ардыгар баар «Нерский прижим». Алдан өрүһү туоруур муоста бырайыактааһына эмиэ былааҥҥа баар.
«Бүлүү» суолга түөрт муоста тутуллуохтаах: Түүкээн, Кыра Ботуобуйа, Саһар үрэх уонна Улахан муҥур. Үөһээ Бүлүү кыраныыссатынан Бүлүү эбэни туоруур муоста бырайыактааһыныгар хантараак түһэрсилиннэ.
This post was published on 20.02.2020 12:48 12:48