Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр 50 миэстэлээх «Тугутчаан» оҕо саадын саҥа дьиэтэ аһылынна.
Саха сирин үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова бэлиэтээбитинэн, саҥа уһуйааны эбэтэр оскуоланы арыйыы — дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга улахан хардыы буолар.
«Оҕо араас өрүтэ сайдарыгар роботехника, моделирование, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Одарённый ребёнок», «Музыка для всех» диэн эбии куруһуоктар олоххо киирэллэрэ олус үчүгэй. Иитиллээччилэр сыл аайы бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы куонкурстарга кытталлар. Бу барыта оҕолору бары өттүнэн сайыннарарга эбии кыаҕы биэрэр», — диэн Любимова, оҕо саадын аһыллыытынан эҕэрдэлээтэ.
Эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар космонавт, РФ дьоруойа Олег Артемьев кытынна. Кини «Союз ТМА- 12М» уонна «Союз МС- 08» пилотнай хараабылларга иккитэ аһаҕас космосска сылдьыбыта.
50 миэстэлээх оҕо саада «2020 – 2025 сылларга тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Тутууга АЛРОСА уонна Роскосмос харчынан көмөлөстүлэр.
This post was published on 27.02.2023 09:05 09:05