Бүлүү улууһугар 600-чэкэ предприниматель оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар ылсан балачча ситиһиилээх үлэлии сылдьар.
Бүлүү улууһун баһылыгын анал дьаһалынан уон хонуктаах предпринимателлэр декадалара биллэриллибитэ. Үлэни-хамнаһы, инники соруктары, ситиһиилэри, кыаллыбатах боппуруостары ырытыһан, салгыы тэтимнээхтик сайдарга сыал-сорук туруорулунна. Үтүө үгэс хаһан баҕарар туһалаах эрэ буолар.
Бу салааҕа үлэлэригэр бастыҥ көрдөрүүлээхтэри бэлиэтээһин эмиэ сылын аайы ыытыллар. Ол курдук декаданы түмүктүүр дьоро киэһэҕэ улууспутугар биллэр-көстөр предпринимателлэр Егорова Р.Н., Ионов И.И., Лашкул И.М. «За отличие в предпринимательстве» мэтээлинэн наҕараадаланнылар.
«Меценат буолууга тус бэйэлэрин кылааттарын иһин» диэн Н.А.Расторгуев бочуоттаах бэлиэтэ Егорова Роза Иннокентьевнаҕа туттарылынна.
Декада кэмигэр ыытыллыбыт куонкурус-семинар түмүгүнэн улуус бюджетыттан олохтоммут Грант хаһаайыннара Л.К.Павлова, С.Р.Харлампьев, С.И. Акимова, А.З. Томская буолан, хас биирдиилэрэ 500 тыһ. солк. суумалаах сертификаты ыллылар.
Бэйэ дьыалатын саҥа саҕалаан эрэр К.М.Уварова – 300 тыһ. солк., К.А.Павлов 200 тыһ.солк. суумалаах сертификаттары ыллылар.
2019 сыл түмүктэринэн анал номинациялар хаһаайыннарынан буоллулар: «Бизнес-стремление» — Алексеева О.В., «Бизнес-профи» — Малявская Е.К., «Агробизнес» — Леонтьев А.А., «Семейный бизнес» — Николаевтар, «Дебют года» — Руфова А.А.
Бүлүү к. дьаһалтатын эппиэттээх үлэһитэ М.Быканова предпринимателлэр Е.К.Малявскаяҕа, С.Б. Малявскаяҕа Бүлүү к. 385 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэтин туттарда. Улуус баһылыгын промышленноска, инфраструктура сайдыытыгар солбуйааччы Н.В.Саввинов, аччыгый уонна орто бизнеһи өйүүр фонда салайааччыта А.Я.Акимов, Бүлүү улууһугар предпринимателлэр тэрилтэлэрин сэбиэдиссэйэ З.О.Андреев, үп управлениетын начальнигын солбуйааччы А.Н.Алексеев предпринимателлэри эҕэрдэлээн туран, Бочуотунай грамоталары, Махтал суруктары туттардылар, салгыы бизнес эйгэтигэр сыралаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.
Ааптар: Николай Федоров, «Олох суола» хаһыат, Бүлүү улууһа
This post was published on 23.10.2019 16:43 16:43