Бүлүү улууһугар федеральнай бырагырааманан аҕыс элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар

Бүлүүгэ саахалланар кутталлаах уонна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү федеральнай бырагырааманан сэттэ муниципальнай контракт оҥоһуллан, үлэ барар. Бырагыраама туолуута 42 бырыһыаҥҥа тэҥ.


«Инженерия-тутуу управлениета» муниципальнай казеннай тэрилтэ салайааччыта Владимир Степанов иһитиннэрбитинэн,  бырагыраама улууска 2013 сылтан үлэлиир. «Ити дьыл икки 15 уонна 18 кыбартыыралаах дьиэ Бүлүү куоратыгар уонна биир 6 кыбартыыралаах дьиэ Тыымпыга киирбиттэрэ. 2014 сыллаах былааҥҥа уопсайа 96 кыбартыыралаах дьиэни таас варианынан тутан киллэрэр сорук туруоруллубута. Ити эрээри куонкуруска кыайтарбыт өрүт үҥсүүтүнэн сууттаһыы буолбута. Онон тутуу тоҕус ый тохтоон турбута. Мантан сылтаан графиктан хаалыы баар. Билигин “Легион-ГРК” тутуу хампаанньата үлэлии сылдьар. Онон сүрүн үлэ, дьиэ үөһээ бүрүөһүнэ, тас обшивката бүтэн эрэллэр. Балаҕан ыйыгар дьиэни туттарар былаан баар», — диэтэ кини. 

Билигин улууска аҕыс элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутууга 7 муниципальнай контракт үлэлиир. “Сахастрой-транс” ХЭТ Хампаҕа 12 кыбартыыралаах дьиэни тутар. Сэттэ дьиэ Бүлүү куоратыгар бэйэтигэр тутуллар.

«Эрэл», «Варламов», “Сахастройгрупп”, “Промстроймонтаж”,  “Атлант” ХЭТ-лэр объектары тутууну саҕалаатылар, бастакы сүрүн үлэлэри бүтэрдилэр. «Арай “Микс-Сервис” ХЭТ тугу да саҕалыы илик. Ол иһин контрагы көтүрэр туһунан үлэни бэлэмниибит, иккистээн аукцион ыытыахпыт, саҥа контрагы олохтуохпут», — диэн Владимир Степанов салгыы кэпсиир.

2016 сыллааҕы бырагырааманан 142 кыбартыыраны Бүлүүгэ, 16 кыбартыыраны Тоһууга уонна 4 кыбартыыраны Сыдыбылга тутуу былааннанар. Билигин тутууга куонкуруһу бэлэмниир үлэлэр ыытыллаллар.

This post was published on 27.07.2016 09:42 09:42