Бүлүү улууһун Хомустаах күөл биэрэгэр дендрарий уонна экоыллык арылынна, СИА экология министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
«Экоыллыктаах, истиэндэлэрдээх дендропаарка арыллыыта — көхтөөх сынньалаҥы тэрийиигэ бэрт табыгастаах миэстэ буолар, манна төрөөбүт дойдуҥ айылҕатын кытта сиһилии билсэҕин», — диэтилэр министиэристибэҕэ.
Быһааран этэллэринэн баҕалаахтар Дендропаарка сайдыытыгар уонна турсаҕайдык оҥоһуллуутугар кыттыһыахтарын, мас, сэппэрээк олордуохха сөп.
Бүлүү улууһугар түөрт оскуолаҕа лесничество хайысхатын арыйдылар — Мастаахха, Өкүндэҕэ, үһүс нүөмэрдээх Бүлүү куорат оскуолатыгар уонна Бөкчөҥөҕө. Манна 64 эдэр ойууру көрөөччү үөрэнэр. Бырайыакка олоҕуран, оҕолору ойуур хаһаайыстыбатын дьиссипилиинэлэригэр үөрэтэллэр.