Бүлүү улууһугар былырыыҥҥыттан ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаналлар

Бүлүү улууһугар мүөттээх ыҥырыаны иитии былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Бороҕоҥҥо Антонина Алексеева ыҥырыаларын мүөтэ ааспыт күһүн былдьаһыгынан барбыта. Быйыл Чочуга, Күүлэккэ, Дөккөҥҥө, барыта биэс сиргэбу ураты дьарыгы сайыннаран эрэллэр. 


Тыа хаһаайыстыбатын салаатын саҥа көрүҥүнэн дьарыктанарга дьон өйө-санаата бэлэм буолбутун, былырыын бастакынан дьарыктанааччыга предпринимательство нөҥүө көмө оҥоһуллубутун, тигээйилэр кыстыыр дьиэлэрин тутарга улуус бюджетыгар үбүлээһини көрбүттэрин улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Лукин кэпсээтэ.

Бөтүҥ таһыгар кэрэ айылҕалаах Буукаан алааска Петровтар дьиэ кэргэн мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн быйылгыттан дьарыктанан эрэллэр. Кинилэр халлаан күөх өҥнөөх үс уйаларын бэйэлэрэ оҥорон туруорбуттарын киһи сонургуу көрөр. Өссө икки уйа бөһүөлэккэ уһаайбаларыгар турар.

Бу дьарыктарыгар Петровтар кыралыын-улаханныын бары кыттыһаллар. Аҕа баһылык Василий Петров уйалары, мүөт хаһаанар соткалары уонна да тэриллэри бэйэтэ уһаммыт. “Ыҥырыаны иитиигэ холонуохпутун баҕарбыппыт ыраатта. Быйыл Татарияттан кэлэн үөрэппиттэригэр, сырыттым. Билигин ыҥырыа иитэр өктөмнөрү кытта ыкса сибээһи тутабыт, үөрэнэбит”, — диэн кэпсиир кини.

Бастаан улахан уопута суох эрдэхтэринэ биир ийэ үөрэ уйатыттан тахсан оргуйан туран баран көтөн хаалбытын туһунан хаһаайка Раиса Николаевна кэпсиир. Аны иккис үөр көтөн тахсан чугастыы титириккэ олорбутун, ылҕыы сатаан баран, маһын кэрдэн түһэрэн, хомуйан куулга симэтэлээн кураанах уйаҕа таспыттар. Онтукаларын “Бөтүҥ олохтоох тигээйилэрэ” дииллэр.

Уйаларын быыһа-арыта суох гына, тыал киирбэтин курдук былаахынан оҥорбуттар. Биир уйаҕа 4-5 тыһ. тигээйи киирэр эбит.

Раиса Николаевна кэпсииринэн, тигээйилэр харса суох кэйиик оҕус курдуктар, элбэхтик ытыттарбыттар, ити эрээри син уопутуран иһэллэр. Хас күн аайы чааһын тутуһан көрөрү ирдиир, тигээйи 5 км ырааҕынан сылдьар. Мүөтүн үөт тыллыытыттан саҕалаан сибэккигэ тиийэ хомуйар, ханнык сибэккигэ сылдьарын үөрэтэллэр, мүөттээх үүнээйини үүннэрэр наада эбит диэн санааҕа кэлбиттэр. “Көһөрө сырыттахха сатаныыһы, бары киирбиттэрин кэннэ түүн көһөрөр табыгастаах. Мүөттэнэн эрэр, сотору көрүөхпүт, кыстыгар уйата үчүгэй буолуон наада, нуул температураҕа тутуохтаахпыт. Киһи кыыһырарын, атын сыты-сымары сөбүлээбэттэр, уйаларын иннинэн эмиэ мээнэ сылдьыа суохтааххын, уйаҕа кэнниттэн буруо таһаарар тэриллээх киириэххэ сөп”, — диир кини.

Биир уйаҕа 150-нуу сотканы оҥорбуттар, боробулуохатын, атын тэрилин барытын сакаастаан ылбыттар. Билигин мүөттэрин холбуйан араарарга центрифуга туруоруохтаахтар. Үөрэнии, тигээйи ийэ үөрдэрин атыылаһыы, аҕалыы, тэрили ылыы барыта 100 тыһ. солк. кэриҥэр турбут.

Бөкчөҥөө нэһилиэгин баһылыга Иван Евсеев саҥа тэрээһиҥҥэ көмөлөһүөхтэрин иһитиннэрдэ. «Нэһилиэкпитигэр бастакы саҕалааһыҥҥа көмөлөһөргө бюджеппытыгар үбүлээһини көрүөхпүт«, — диэтэ кини.

This post was published on 28.07.2016 18:07 18:07