Бэнидиэнньиккэ түүн 63 саастаах билэсипэт ыытааччы массыына көлүөһэтин анныгар өлбүт. Саастаах эр киһи Бүлүүттэн Чинэкэҕэ баран испит.
Суоппар быһаарбытынан утары суолга биир эрэ холбоммут фаралаах массыына айаннаан испит. Бэйэтин страховкаланаары кини суол кытыытынан айанныырга быһаарыммыт.Ол кэмҥэ билэсипиэти ыытан иһэр киһини үнтү көппүт. Эмсэҕэлээбит киһи суһал көмө кэлиэн иннинэ миэстэтигэр өлбүт. Массыыналаах киһи этэринэн, кини 90-100 км/ч түргэннээх айаннаан испит.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, «Тойота- Филдер» суоппара 30 саастаах ыстаастаах, Бүтэһик сылга ПДД кэһиитин иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыбатах, быһылаан тахсар кэмигэр арыгылаабатах.
Быһылаан тахсыбыт быһыытын-майгытын уонна төрүөтүн силиэстийэ быһаарыаҕа диэн, Саха сирин ГИБДД-тын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
This post was published on 30.08.2022 15:03 15:03