Бүлүү улууһа уота суох хаалла

“Якутскэнерго” ПАУо Арҕааҥҥы электрическэй тиһиктэрин энергетиктэрэ “Сунтаар-Бүлүү” 110 кВ үрдүк күүрүүлээх ситими чөлүгэр түһэрэр үлэни ыыталлар.

Линияҕа саахал тахсан, уот 8:17 арахсыбыта. Онон Бүлүү оройуонугар уот суох. “Бүлүү” ДЭС-кэ саппаас дизельнэй генератор холбонно.

СИА.

This post was published on 26.06.2018 12:39 12:39