Бүлүү улууһа окко былаанын 91% толордо

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Сахабыт сирин кылгас сайыныгар сылгы-сүөһү кыстыырыгар анаан от тэтимнээхтик бэлэмнэнэр, суруйда Саха сирэ саайт.

2025 сыл балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, Бүлүү улууһугар от — 23182 т, сиилэс — 1000 т, сенаж — 400 т бэлэмнэннэ. Ылыллыбыт былаантан 91% туолла диэн Бүлүү улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.

Тылгыны уонна 2-с Күүлэт нэһилиэктэрэ оттооһуну толору түмүктээтилэр. Тылгыны нэһилиэгэ 970 т былааннаах буоллаҕына, 905 т ылла, 2-с Күүлэт нэһилиэгэ 1193 т былааннааҕын, 7 т куоһарда.

«Ампаардаах» ХЭУо сиилэһи оҥорууну атырдьах ыйын 24 күнүттэн саҕалаабыта. Сиилэс былаанын 750 т куоһарда. Онон эбии аһылыгы бэлэмнээһини толору түмүктээтилэр, балаҕан ыйын 19 күнүттэн бурдук бааһынатын  хомуйуохтара.

«Мастаах» ПК сиилэс былаанын 100%, ол эбэтэр 200 т толордо.

This post was published on 11.09.2025 12:31 12:31