«Бүлүү» тыраассатыгар ахсынньы 1 күнүттэн өрүһү уҥуордуур түөрт суол арыллыаҕа

«Бүлүү» Упрдор ахсынньы 1 күнүгэр Бүлүү өрүһү туоруур түөрт мууһунан суол аһыллара былааннанар.

Өрүһү уҥуордуур суоллар Үөһээ Бүлүү, Күндээдэ, Уустуйа, Кириэстээх нэһилиэктэригэр аһыллыахтара.

«Халыма» федеральнай тыраассаҕа мууһунан сырыы аһыллара былааннанар:

— Алдан өрүһүнэн Хандыгаттан Мэҥэ-Алдаҥҥа диэри 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн;

— Өлүөнэ өрүһүнэн Дьокуускайтан -Аллараа Бэстээххэ диэри 2023 сыл тохсунньу 5 күнүттэн.

Күн-дьыл усулуобуйатыттан уонна муус туруутуттан көрөн, болдьохторо уларыйыан сөп.

This post was published on 29.11.2022 09:05 09:05