Бүлүү Тылгынытын оҕолоро оонньуур былаһааккаланнылар

Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр тупсаҕай көстүүлээх, аныгы оҕо оонньуур былаһаакката таҥыллан бүттэ. Саҥа былаһаакканы нэһилиэк былырыын «Мин былаһааккам» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыайан, ылбыта. Бу туһунан СИА «АЛРОСА» АК пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр. 


«Былаһаакканы Дьокуускайга, Бүлүүгэ олорор биир дойдулаахтарбыт аҕалан биэртэрэ. Дэриэбинэҕэ кэлбити олохтоохтор бэйэбит таҥныбыт. Билигин дьон бэйэтин баҕатынан былаһаакканы күрүөлүү сылдьар. Нэһилиэкпит биир тупсаҕай көстүүлээх сирэ буолла, оҕолор, төрөппүттэр сөбүлээн мусталлар», — диэн нэһилиэк баһылыга Егор Иванов үллэстэр.

Санатар буоллахха, күрэҕи «АЛРОСА» АК көмөтүнэн, “Үүнэр көлүөнэ” тус сыаллаах пуонда тэрийэн ыыппыта. Күрэх түмүгүнэн Саха сирин үрдүнэн барыта 11 оҕо оонньуур былаһаакката туруо. Бастакы былаһаакка Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө бэс ыйын 1 күнүгэр Үөһээ Халыма Сартаҥ нэһилиэгэр турбута. Кэлин Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр уонна Амма Михайловкатыгар таҥыллыбыттара.

This post was published on 16.07.2020 11:01 11:01