«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, билигин баар гидрометеорологическай усулуобуйанан «Бүлүү» трассатыгар Саха сирэ уонна Иркутскай уобалас ардыгар кыһыҥҥы суол барыллаан ахсынньы 26 күнүгэр арыллар.
Билигин суолу икки өттүттэн оҥороллор, Аллараа Тунгусканы туоруур муус суол эмиэ тутуллар.
Управление суол арылла илигинэ айанныыртан туттунаргытыгар сэрэтэр.
Кыһыҥҥы суол Иркутскай уобалас территориятыгар (Усть-Кут, Киренскэй, Катангскай оройуоннар) уонна Саха сирин (Ленскэй, Мииринэй оройуоннара). Уопсай уһуна 836 км.
This post was published on 18.12.2024 18:01 18:01