Улуус бэрэстэбиитэллээх былааһа – 50 депутаты түмэр оройуон Сэбиэтэ ааспыт сылга хайдах үлэлээн кэлбитин оройуон Сэбиэтин бэрэссэдэтэлэ Гаврил Семенович Корякин кэпсээтэ.
Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин 2017 сылга былааннаммыт сессиялар барыта ыытыллыбыттарын эттэ. Уопсайа 12, ол иһигэр 4 уочарата суох сессияларга 54 нуорма-быраап докумуоннарын, олор истэригэр Устаапка уларытыылары, улуус бүддьүөтүн ылыммыттар. Хонтуруоллуур боломуочуйабытынан улуус баһылыгын, оройуон Сэбиэтин бэрэсэдээтэлин, Хонтуруоллуур-суоттуур палата, Ис дьыала министиэристибэтин отделын, административнай хамыыһыйа уо.д.а. отчуоттарын дьүүллэспиттэр.
— Улуус, Саха сирэ киэҥ эйгэтин биллиитигэр тахсыбыт боппуруостарга: тулаайах оҕолор дьиэлэрэ да буоллун, “Хомустаах” КЭК-ка саҥа оҥоһуллубут да тутуулар буоллуннар, депутаттар хамыыһыйалара тэриллэн сөптөөхтүк үлэлээтилэр диэххэ наада. Түмүктэри сессияҕа киллэрэн дьүүллэстибит, улуус дьаһалтатыгар үлэни тупсарыыга кэккэ этиилэр оҥоһулуннулар, үбүлээһин көрүлүннэ.
Бэйэбит үлэлии олорор балаһыанньабытыгар — федеральнай, өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн улуус дьаһалтатыгар да, муниципальнай тэриллиилэргэ да сыһыаннаах уларытыылары киллэрдибит.
2017 сылга оройуон бүддьүөтүн ылыныыга үлэ бэрээдэгинэн мөккүөр тахсан сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ. Мөккүөр төрдө-төбөтө – үбүлээһиҥҥэ. Куораттан, нэһилиэктэртэн талыллыбыт депутаттар улуус дьаһалтата киллэрбит бырайыагар сөбүлэспэтэхтэрэ. Бүддьүөтү ылыныыга куоракка, нэһилиэктэргэ 34,5 мөл. солк. көрүөххэ диэн этии киирэ сылдьыбыта. Саҥа түҥэтиллибит учаастактарга инфраструктура оҥоруутугар: суол солооһуҥҥа, гаас, уот ситимнэрин тардыыга, итиэннэ Халбаакы бөһүөлэгин хочуолнайын оборудованиетын, киин ититиитин ситимин уларытыыны үбүлээһиҥҥэ улахан мөккүөр тахсыбыта. Ол гынан баран, сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа үчүгэйдик үлэлээн, муниципальнай тэриллиилэргэ үп сөптөөхтүк тыырыллан бүддьүөтү ылыммыппыт. Куоракка 13,9 мөл. солк., Халбаакыга 5,5 мөл. солк, Чочуга Культура дьиэтэ үлэҕэ киириэхтээх диэн 3 мөл. солк. тахса көрүллүбүтэ.
Былырыыҥҥы сыл биир бэлиэ түгэнинэн Саха сирин Бэрэстэбиитэллээх уорганнарын I съезтэрэ буолбута. Депутаттар икки ардыларыгар улахан кэпсэтии тахсыбыта. Бүлүү улууһуттан талыллыбыт 25 делегат съезкэ бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэрэ. Съезд түмүгүнэн муниципалитеттар олохторугар быһаччы сыһыаннаах резолюция ылыллыбыта.
Оройуон Сэбиэтэ улуус иһинээҕи нуорма-быраап докумуоннарын ылыныынан, сессиялары ыытыынан муҥурдаммат, Ил Түмэни, Дьокуускай куорат Думатын, атын улуустар Сэбиэттэрин кытта уопут атастаһыыга ыкса үлэлэһэр. Оройуон Сэбиэтэ бэрэстэбиитэллээх уорганнар ассоциацияларын уонна Бэйэни салайыныыга общественнай тэрилтэ кыттыылааҕын быһыытынан былырыын элбэх этиилэри киллэрдэ.
— Биһиги депутаттарбыт талыллыбыт уокуруктарыгар тахсан быыбардааччыларын кытта көрсөллөр, этиилэрин, накаастарын сессияҕа киллэрэллэр. Былырыын улуус бэрэстэбиитэллээх уорганнарын VI спартакиадаларын ыыппыппыт.
Эппитим курдук, оройуон Сэбиэтин сессияларыгар үлэ бэрээдэгинэн үөскүүр мөккүөрдээх түгэннэри кэмигэр быһаара олоробут. Улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэрин үлэлэригэр туох да харгыс суох, барыта этэҥҥэ, олох хаамыытынан баран иһэр.
Аны күһүн ыытыллыахтаах оройуон Сэбиэтин быыбарын таарыйдахха, билигин Сэбиэт төһө депутаттаах буоларыгар кэпсэтии бара турар. Итиннэ барыйаан элбэх. Депутаттар, баһылыктар, биирдиилээн дьон ортолоругар ахсааҥҥа мөккүөр суох буолбатах.
Бу боппуруоска мин көрүүм уларыйбат – урут да, билигин да партиялартан туруу суох буолуохтаах диибин, депутаттар биир мандаттаах уокуруктартан талыллыахтаахтар. Мажоритарнай быыбары тутустахпытына, оройуон Сэбиэтигэр 19 депутат уокуруктартан талыллан үлэлиэхтэрэ.
This post was published on 02.02.2018 17:37 17:37