Бүлүтүөннэр, босуобуйалар «быһа төлөбүргэ» көһүөхтэрэ

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэһит ыалдьан бүлүтүөн ыллаҕына, ийэ хат буолуутун, оҕо көрөн олорор босуобуйаларын үлэни биэрээччи буолбакка, Социальнай страховкалааһын пуондата быһаччы төлүүр буолуоҕа. Бу – пуонда “Быһа төлөбүрдэр” диэн пилотнай бырайыага.


Хас биирдии улууска пуонда боломуочуйалаах үлэһиттэрэ бааллар. Ону тэҥэ, Дьокуускайга манан дьарыктанар тустаах отдел тэриллиэҕэ. Социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салалтата бу боппуруоһу быһаараары, дьоҥҥо тиэрдээри пресс-кэмпириэнсийэни тэрийэн ыытта.

Пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Марина Мироновская, пуонда Новосибирскайдааҕы салаатын салайааччы Владимир Голубков, страховой төлөбүрдэр отделларын начаалынньыга Леонид Подленко сиһилии кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Новосибирскайга маннык бырайыак 2012 сылтан үлэлиир. Ол иһин уопуттарын үллэстэ кэлбиттэр. Саха сиригэр кэлэн, элбэх сэминээрдэри, мунньахтары, көрсүһүүлэри ыыппыттар.

Леонид Подленко эппитинэн, маннык механизм көмөтүнэн, төлөбүрдэр быдан түргэнник тиийэллэр. Холобур, үп-харчы өттүнэн бөрүкүтэ суох балаһыанньалаах тэрилтэ үлэһитэ “босуобуйаны, төлөбүрү ылыам суоҕа” диэн куттаммат, пуонда быһаччы төлүү олорор. Тоҕо диэтэр, Социальнай страховкалааһын пуондата – гражданнар бырааптарын көмүскүүргэ ананан тэриллибит тэрилтэ. Отчуоттуур да, мөккүөрдээх түгэннэри быһаарсыы да судургутуйар.

Билигин үлэһит үлэни биэрээччитигэр (тэрилтэтигэр) босуобуйаны хайдах ньыманан ыларын туһунан сайабылыанньа суруйуохтаах. Үлэни биэрээччи 5 күн иһинэн пуондаҕа биллэрэр, 10 күн иһинэн үлэһит счетугар, эбэтэр “Мир” каартатыгар харчыны ыытар. Буостанан эмиэ ыытыан сөп.

Аны туран, бу бырайыак биир үтүө өрүттээх. Тэрилтэ бүлүтүөннэри, босуобуйалары төлүүрүгэр уопсай эргитэр үбүттэн аны харчыта бараммат буолан, ханнык да ороскуот ааҕыллыбакка, төлөбүр уопсай суумата көҕүрээбэккэ эрэ үлэһиккэ быһаччы тиийэр. Онон хат буолууга, оҕону көрөн олорууга босуобуйалар да, ыалдьыбыт киһи бүлүтүөннэрин суумата үрдүөхтээх. Оттон үлэни биэрээччи буҕаалтыра аны маны ааҕа-суоттуу олорбот. Ол эрээри, сокуон быһыытынан, ыалдьыбыт киһи үлэлээбэтэх 3 бастакы күнүн тэрилтэтэ бэйэтин бүддьүөтүттэн төлүүр. Маны чопчу өйдүөххэ наада. Ону тэҥэ, инбэлиит оҕону көрөргө-харайарга эбии өрөбүл күннэри, бохоруонаҕа бэриллэр босуобуйаны уонна эчэйиини кыччатарга туһуламмыт ороскуоттары тэрилтэ (үлэни биэрээччи) төлүүр.

“Быһаччы төлөбүрдэр” пилотнай бырайыакка босуобуйа 5 көрүҥэр төлүүр:

— ыалдьан, бүлүтүөн ыллахха;

— хат буолууга, төрөөһүҥҥэ;

— хат буолан баран, эрдэ учуокка турдахха;

— оҕо төрөөтөҕүнэ;

— оҕо 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга.

Урбаанньыттар пуондаҕа страховой усунуостарын төлүүр буоллахтарына, бу босуобуйалары ылар бырааптаахтар. Төлөөбөт буоллахтарына, ылбаттар. Өскөтүн үлэһит хамнаһын сороҕун кэмбиэргэ ылар буоллаҕына, төһө страховой усунуоһу төлөөбүтүттэн тутулуктанан, босуобуйа, бүлүтүөн кээмэйэ кыччыыр. Билигин тэрилтэ сороҕо “электроннай бүлүтүөннэргэ” көһөн олорор. Ол эрээри, кумааҕы бүлүтүөннэр син биир баар буолаллар. Бу үлэһиккэ да, үлэни биэрээччигэ да судургу, көмөлөөх ньыма буолар. Төһө босуобуйа анаммытын Социальнай страховкалааһын пуондатын сайтыгар киирэн, тус кабинекка көрүөххэ сөп. “Госуслуги” сайт нөҥүө эмиэ киириллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 28.11.2019 15:28 15:28