Ыам ыйын 25 күнүгэр Ытык Бүлүү түөлбэтигэр В.О. Каратаев-Харатай Баһылай аатын сүгэр олоҥхоһуттар, тойуксуттар норуодунай бөлөхтөрө тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх түһүлгэтигэр Дьокуускай куораттан алтыа буолан тиийэн кыттыыны ылан, коллектив үлэтин дьон-сэргэ үрдүктүк сыаналыырыттан астынан кэллибит. Бу тэрээһин олоҥхоһут В.О. Каратаев уонна түмсүү бары кыттыылааҕын аатын дьоҥҥо-норуокка үйэтитэр, сырдатар, үлэ түмүгүн таһаарар уонна саҥа соруктары туруорар сыаллаах үрдүк таһымнаахтык Олоҥхо Дьиэтигэр буолан ааста.
Бүлүү түөлбэтигэр олоҥхолуур үгэс киэҥник сайда сылдьыбыта биллэр. Бүлүү улууһун олоҥхолорун аан бастаан сурукка киллэрии 1938 сыллаахха Сэһэн Боло, Саввин А.А. Бүлүү сүнньүн улуустарынан экспедицияҕа сылдьан, С. Каратаев-Дыгыйар Сэмэн «Тоҥ Саар Бухатыыр», Дэдэгэс «Төбөт Мэник бухатыыр» олоҥхолорун суруйууларыттан саҕаламмыт. Аан бастаан олоҥхону академическай таһымнаах таһаарыылартан биирдэстэринэн Бүлүү улууһуттан В.О. Каратаев «Модун Эр Соҕотох» олоҥхото Новосибирскай куоракка «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока» диэн серияҕа тахсыбыта буолар. Онтон кэнники 21 томнаах «Саха боотурдара» серияҕа Ырыа Дыгыйар «Тоҥ Саар бухатыыр» олоҥхото бэчээттэнэн тахсыбыта улуус ураты суоллаах-иистээх олоҥхоһуттардааҕын өссө төгүл дакаастыыр.
Ол курдук, сурукка тиһиллэн хаалбытынан, айылҕаттан айдарыылаах удьуор талааннаах, норуокка киэҥник биллибит 70-тан тахса олоҥхоһут олорон ааспыта биллэр. Олор истэригэр, Семен Николаевич Каратаев-Ырыа Дыгыйар, Борис Алексеев-Олоҥхоһут Барыыс, Николай Иванович Седалищев-Мөчөкө Ньукулай, Трофим Петрович Гоголев-Олоҥхоһут Доропуун, Степан Иванович Еремеев-Дэдэгэс, Алексей Дмитриевич Кснофонтов-Аманааскы, Николай Васильевич Еремеев-Тыккаа, Семен Ильич Менкяров-Мэҥкэр Сэмэн уо.д.а. бааллар. Олоҥхолуур үгэһи салҕааччыларынан Афанасий Васильев-Хоохура, Василий Каратаев-Харатай Баһылай, Борокуоппай Махсыымап, Марк Иванов, Николай Окошкин, Мэхээлэ Саадырын уо.д.а. буолаллар.
В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай түмсүүлэрин «Аар Дьаҕыл» диэн ааттаан, 1982 сыллаахха, оччолорго олоҥхо улаханнык сэҥээриллибэт кэмигэр, аатырбыт олоҥхоһут Василий Осипович Каратаев бэйэтэ көҕүлээн тэрийбит. Ол кэмтэн ыла олоҥхоҕо харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, сыралаһан үлэлээн, олоҥхону толоруу үгэһэ дьон кутугар-сүрүгэр уйаланан, бүгүҥҥү күҥҥэ сайдан кэлбитигэр бу бөлөх улахан тирэх буолбут. Олоҥхоһут Василий Осипович бары дьоҕурун, сатабылын ууран, бөлөҕүн 1990 сыллаахха диэри салайан үлэлэппитин, элбэх киһини олоҥхолуур идэҕэ уһуйбутун дьоно-сэргэтэ махтана ахтар.
1991 сыллаахха ыам ыйын 21 күнүгэр кини тэрийбит бөлөҕөр «В.О.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай түмсүүлэрэ» диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ. Бу үрдүк аат иҥэриллиитигэр оччотооҕу Култуура дьиэтин дириэктэрэ Н.И. Ылахова уонна уус-уран салайааччы А.П. Евсеева өҥөлөрө улаханын түмсүү билиҥҥи салайааччыта Светлана Тарасовна Иванова бэлиэтиир. 1991-1992 сс. түмсүүнү Степан Евсеевич Калачиков салайан үлэлэппит. Бу кэмҥэ «Модун Эр Соҕотох» олоҥхо-спектакль, С.Е. Калачиков дьүһүйүүтүгэр «Мачайар Баһылай» тойук-спектакль туруоруллубуттар.
Түмсүүнү 1992 сылтан күн бүгүнүгэр диэри иилээн-саҕалаан, тэрийэн үлэлэтэн кэлбит киһинэн Саха Республикатын култууратын туйгуна Светлана Тарасовна Иванова буолар. Кини бу эйгэҕэ айымньылаахтык үлэлии олорор республикаҕа биир тарбахха баттанар опыттаах салайааччынан биллэр. Светлана Тарасовна олоҥхолуур үгэһи тилиннэриини сэргэ, ыытар үлэтин барытын бэйэтэ видеокамеранан устан, сурукка тиһэн үйэтиппит улахан үтүөлээх-өҥөлөөх киһинэн буолар. Ол курдук, Светлана Тарасовна уонна Иван Иванович Тулааһынап тэрээһиннэринэн, «Бүлүү фольклора» диэн серия иһинэн элбэх кинигэ, 2001 сылтан барыта 50-тан тахса CD-дискэлэри бэлэмнээн таһааран, күн сирин көрдөрдүлэр. 2006 с. Светлана Тарасовна хомуйан бэлэмнээн «Бүлүү олоҥхоһуттара» диэн олус наадалаах уонна туһалаах кинигэ тахсыбыта. Кинигэҕэ ааспыт үйэҕэ Бүлүү түөлбэтигэр олорон ыллаан-туойан, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн ааспыт олоҥхоһуттар тустарынан элбэх матырыйаал түмүллэн киирбит. Маны таһынан «Бүлүү фольклора» диэн серия иһинэн хас да олоҥхону бэлэмнээн таһаарда. Бу элбэх сыралаах үлэ түмүгэ буолар.
Бу түмсүү араас саастаах талааннаах оҕолору, Бүлүү дьонун-сэргэтин түмэн үлэлиир. Биир дойдулаах биллиилээх олоҥхоһуттарын сырдык ааттарын үйэтитиигэ, ыччакка тиэрдиигэ анаан элбэх өрүттээх кэскиллээх үлэни ыытта. Светлана Тарасовна туруоруммут сыалын ситиһэргэ, ылыммыт дьыалатын ыһыктыбакка дириҥ хорутуулаахтык үлэлээн иһэрин, бииргэ алтыһан үлэлиир тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ дириҥ махталынан бэлиэтииллэр.
Бу кэмнэр усталарыгар Светлана Тарасовна элбэх киһини хабан, хайдах үлэлээн кэлбитин туһунан маннык кэпсиир: «Бу түмсүү тэриллиэҕиттэн И.Ф. Захаров, С.И. Иванов, З.М. Алексеева, Т.П. Степанова, Н.В. Николаева, кэргэннии С.П. уонна С.Е. Калачиковтар, А.А. Алексеев, А.Д. Народов, В.С. Васильева, Е.С. Жиркова, З.Н. Кириллина, С.П. Капустина, П. Харлампьева айымньылаахтык дьарыктаммыттара. Сылын ахсын түмсүү саҥаттан саҥа талааннаах дьонунан, норуот фольклорун араас саастаах сэҥээрээччилэринэн, кырдьаҕаһыттан эдэригэр диэри хаҥаан иһэрэ. Ол курдук улууска, республикаҕа биллэр олоҥхо толорооччулар, оһуокайдьыттар, алгысчыттар: М.С.Бадаева, Х.Ф.Таскина, К.И.Иванов, Е.С.Петров, П.П.Максимов, Е.Д.Петрова, М.А.Тимофеева, Б.И.Иванов, О.Е.Абрамова, А.П.Народова, А.А.Петрова, Н.Ф.Егоров, И.И.Колтовской, И.Е.Егоров, Н.Т.Иванов, Ф.П.Иванов, А.Ф.Яковлев, С.Е.Кириллина, М.П.Мыреева, Г.П.Харлампьев, К.П.Харлампьева, Г.Н.Карбаканова, Ф.Е.Донская, А.И.Иванова, С.Г.Менкяров, И.И.Сивцев, Н.А.Афанасьев, Н.В.Новикова, П.Н.Петров, Л.Н.Леонтьева, Н.П.Михайлов, С.С.Федоров, А.В.Мандарова, Е.Н.Еремеев уо.д.а. кэлэн, түмсүү састаап уонна жанр өттүнэн кэҥээбитэ. Билигин утумнуур, кэскиллээх ыччаттардаахпыт: Сардаана Харлампьева, Мария Спиридонова, Федор Петров, Гаврил Менкяров, Зарида Алексеева, Альберт Петров, Саргылана Торотоева, Анна Поскачина уо.д.а.».
Светлана Тарасовна Бүлүүгэ олоҥхолуур үгэс көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн сайда турарыгар эрэллээх. Бу үлэҕэ дьыссаат, оскуола, култуура тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлииллэрэ түмүктээҕэ көһүннэ. Улуус таһымыгар 17-с сылын ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» фестиваль уонна олоҥхону толорор оҕолорго анаан тэриллэр «Утум» лааҕыр кыттыылаахтара тиһиктээхтик дьарыктанан үгүс ситиһиилэннилэр.
Маны сэргэ, В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай түмсүүлэрэ дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар дириҥ ис хоһоонноох араас таһымнаах тэрээһини ыытар. Ол курдук, олоҥхоһуттарга аналлаах үбүлүөйдээх биэчэрдэр, семинар-практикумнар, конференциялар, норуот уус-уран айымньытын дьон өйүгэр-санаатыгар хаалларар айар биэчэрдэрэ, элбэх көрүү куонкурустар, фестиваллар, гастроллар култуура үлэһиттэрин бүппэт түбүктэрэ этилэр, ону сүүрэн-көтөн тэрийсибит, бииргэ алтыһан үлэлээбит дьон билигин истиҥник махтана ахталлар.
Светлана Тарасовна хас да сылы быһа сыралаһан туруорсубут, Бүлүү куоратыгар Олоҥхо Дьиэтэ дьэ тутуллан, үлэҕэ киирэн төрүт үгэһи сөргүтүүгэ былааннаах үлэ тиһиктээхтик барарыгар нэһилиэнньэ эрэллээх. Олоҥхо Дьиэтэ олоҥхоһуттары, оһуокайдьыттары, сиэри-туому толорор алгысчыттары, талааннаах тарбахтаах норуот маастардарын барыларын түмэн, араас таһымнаах тэрээһиннэри ыытар, үтүө үгэстэри сөргүтэр түһүлгэ буолуохтаах диэн баҕанан, дьиэ ис тутула онно сөп түбэһиннэрэн тутуллубута.
Олоҥхоһут В.О. Каратаев олоҥхолуур үгэскэ суолта биэрэн, бу маннык түмсүүнү тэрийэн хаалларан, салгыы кини аатын үйэтитэн, үгүс үлэни ыытан, Бүлүү түөлбэтигэр олоҥхолуур үгэс республика атын улуустарыгар тэҥнээтэххэ, олохтоохтук сайдан кэллэ. Түмсүү кыттыылаахтара 25 сыл тухары улуус киэн туттар ытык дьоннорун кытта бииргэ сылдьан, элбэх сири-дойдуну кэрийэн үлэлээн-хамсаан кэлбиттэринэн киэн тутталлар, түмсүүлэригэр улаханнык махтаналлар.
Олоҥхоһуттар бөлөхтөрүн биир улахан талааны илдьэ сылдьар, уус тыллаах, чуор тойуктаах кыттааччыта Семен Иннокентьевич Иванов буолар. Кини тойугун дорҕооно дьикти кэрэ, ураты. Коллектив сайдыытыгар маннык ураты талааннаах үтүө киһи баара улахан оруоллааҕын дьоно-сэргэтэ билинэр. Семен Иннокентьевич талаана сайдыытыгар С.А. Зверев-Кыыл Уола улахан оруоллаах. Кини Кыыл Уолун кытта алтыспыт кэмнэрин күндүтүк саныыр.
Үөрүүлээх түһүлгэҕэ суолта биэрэн кыттыыны ыла кэлбит дьонноругар Ф.В. Шишигинаҕа, З.Г. Сысолятинаҕа, В.И. Бочонинаҕа, Е.Н. Протодьяконоваҕа, У.М. Флегонтоваҕа, А.В. Васильеваҕа, маны таһынан эҕэрдэлэрин ыыппыт бииргэ алтыһан үлэлиир тэрилтэлэригэр — Саха Республикатын культуратын уонна духуобунай сайдыытын министерствотыгар, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын чинчийэр институкка, Олоҥхо театрыгар, Олоҥхо институтугар истиҥник махтаннылар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалар, эҕэрдэ суруктар, сыаналаах бэлэхтэр туттарылыннылар.
Төгүрүк остуол тула санаа атастаһыыта бэрт көхтөөхтүк барда, салгыы үлэлииргэ элбэх санаа этилиннэ. Олохтоохтор олоҥхоһут В.О. Каратаев баар буолан, олоҥхолуур үгэскэ суолта бэриллэн, сайдан кэлбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Олоҥхо Дьиэтигэр олоҥхоһут В.О. Каратаев аатын иҥэрэргэ нэһилиэнньэ туруорсар. Бүлүү улууһун Олоҥхо Ассоциациятын филиала ыытар үлэтин хайысхаларын Светлана Тарасовна билиһиннэрдэ. 2017 с. ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын туһунан дирекция салайааччыта Тамара Прокопьевна Степанова кэпсээтэ. Дьааҥы улууһугар Олоҥхо Ыһыаҕар кыттыыга делегация тэриллэн үлэ бара турарын билиһиннэрдилэр. Кэпсэтии түмүгүнэн быһаарыы ылылынна.
Тэрээһин иккис күнүгэр норуот талааннаахтарын анаан-минээн устуу тэрилиннэ.
Зоя Григорьевна Сысолятна норуодунай коллектив туһунан санаатын үллэстэр:
— В.О. Каратаев Аан дойдуга олоҥхобутун билиһиннэрбит, иһитиннэрбит талааннаах олоҥхоһут буоларын бары да кэм-кэрдиис аастаҕын аайы өссө сыаналыырбыт улаатан иһэр. Биллиилээх эпосовед, профессор Илларионов В.В. сүүрбэһис үйэ кирбиитигэр олоҥхобутун хайдах тутан олорорбутун, оҥкулун кэспэккэ бүтэй иһит курдук бүөбэйдээн кэлбиппитин Баһылай Уоһукабыс билиһиннэрбитэ диэн бэркэ хайҕаан кэпсиирин элбэхтэ истэн турабын. Оччолорго да дьиэ эргин олоҥхолуур талааннаах дьоннор бааллара ,ол эрээри Баһылай Уоһукабыс Бүлүү уһук сиригэр Үгүлээккэ олорон ордук олоҥхотун тылын-өһүн чочуйбута буолар, дьиэ кэргэнин эмиэ наһаа хайгыыллара, уон биир оҕо амарах аҕата кэргэнэ Ульяна Михайловналыын наһаа эйэлээхтик олорон бараахтаабыта.
Дьэ маннык киһибит аата-суола умнууга хаалбата, кини аатын сүгэр олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай ансаамбыл үйэ чиэппэрин тухары айан-тутан кэллэ. Салайааччы Светлана Тарасовна Иванова-бэйэтин үлэтин иһиттэн түөрэн билэр киһи, тылын ылыннарымтыа буолан, коллектив тула улуус бары нэһилиэктэринэн оҕолордуун, төрөппүттэрдиин тыыһынчанан киһини хабан үлэлиир. Коллективка сынньалаҥҥа тахсан баран араас идэлээх дьон кэлбиттэрэ көрөргө-истэргэ үчүгэйиэн. Ол курдук, Ньурба Аканатыттан төрүттээх, сааһын тухары физика учууталынан үлэлээбит, Аар саарга аатырбыт Тойуктаах Марыына быраата Павел Никифорович бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, бу ансаамбылга кэлэн, эдьийин ырыатын истэн улааппыт буолан, ырыата-тойуга киһи сэргиэх үчүгэй. Коллектив сайдан, сабыдыала кэҥээн иһэриттэн киһи эрэ үөрэр. Хас биирдии толорооччутугар анабыл дискэ таһаарар, манна биллиилээх мелодист Иван Иванович Тулааһынап көмөтө улахан. Светлана Тарасовна дьону бэйэтигэр тардаруратылаах киһи.
Ульяна Михайловна Флегонтова:
— Бөлөх 25 сыллаах үбүлүөйэ Саха өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай оскуолалары саҥардан сайыннарыы концепцията ылыллыбыта эмиэ 25 сылын кытта сөп түбэспитэ кини биир суолтатын этэр. Улуус оскуолаларыгар төрүт үгэстэри сөргүтүүгэ коллектив тирэх, көмө буолбута саарбахтаммат. Бу бэйэтэ тиһигэ быстыбат култуурунай үөрэхтээһин буолар, ол туоһутунан коллектив ыытан кэлбит үлэтин ис хоһооно кэпсиир. Оҕо саадын, оскуоланы, эбии үөрэхтээһини, ыалы барытын хабар киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллан, инники былааҥҥа баара кэрэхсэнэр эрэ. Бу барыы биир сүрүн соругун ситиһиигэ, Саха сирин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин үөрэтиигэ туһалаах буолла. Чуолаан П.Х Староватов аатынан музейга үлэлээһин, норуот маастардарын Е.Д. Петрованы, П.Г. Тимофеевы кытта көрсүһүү, норуот үйэлэртэн илдьэ кэлбит үгэстэрин үйэтитэр мындыр оҥоһуктарын билсиһии оҥоһулунна, инники соруктары туруоруннубут, былааннанныбыт.
Олоҥхоһут В.О. Каратаев аатын сүгэр олоҥхоһуттар, тойуксуттар норуодунай түмсүүлэрэ норуот үтүө үгэстэригэр тирэнэн, киэҥ кэскиллээх, баай ис хоһоонноох үлэни салгыы ыытарыгар олохтоох дьаһалта усулуобуйаны бары өттүнэн тэрийэригэр эрэллээхпит.
This post was published on 30.05.2016 18:25 18:25