«Бүлүү» суол управлениета понтон муосталары туруоруу кыраапыгын иһитиннэрдэ

«Бүлүү» суол управлениета «Бүлүү» айан суолугар үрэхтэри туоруур муосталары хаһан туруорарын иһитиннэрдэ.


— Түүкээн өрүс, 702 км – ыам ыйын 25 күнүттэн.

— Малай Ботуобуйа өрүс, 1151 км – бэс ыйын 5 күнүттэн.

Өрүстэргэ күн аайы мониторинг ыытыллар уу кэтитин билиигэ. Ыам ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, Малай Ботуобуйаҕа кэтитэ — 239 м (90 м буолуохтаах муоста туруоруутун кээмэйигэр).

Суол управлениета Мииринийгэ диэри айан бэс ыйын 5 күнүн кэнниттэн биирдэ арылларын иһитиннэрэр.

This post was published on 22.05.2020 14:01 14:01