“Бүлүү” суол управлениета иһитиннэрбитинэн, Бүлүү өрүс муостата Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин тумнан өрүс өрө өттүгэр тутуллуоҕа. Бу миэстэ, чинчийии кэнниттэн, ордук табыгастааҕын быһаарбыттар.
“Муоста “Бүлүү” федеральнай суол 660-с км, билигин паромнар туорааһыннарын хайысхатыттан 3,9 км өрүс сүүрүгүн өрө тутуллуоҕа”, — диэн биэдэмистибэ биллэрэр.
Сүрүн муоста уһуна 1500 п.м., иккис муоста – Бүлүү өрүс салаатын Мээнэкэн үрэх нөҥүө 80 п.м. буолар, уонна муостаҕа киирии суол 21,3 км. диэн суоттаммыт. Муоста сиһэ 17 м. уһуннаах, 120 м. кэтиттээх, тирэххэ олоҕурбут икки арыттаах буолуоҕа.
Улахан тутуу “Бүлүү” федеральнай суолугар саамай бөдөҥ муостанан буолуоҕа. Дьокуускай уонна өрүс нөҥүө сытар улуустары кытта айан төгүрүччү сыл хааччыллыаҕа. Муоста федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр.