Бүлүү өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол арылынна

Сэтинньи 29 күнүттэн Бүлүү өрүһүнэн мууһунан суолун үс туоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыынаоарга арыйдылар. Бу туһунан Саха сиригэр массыына суолун управлениетын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Өрүһүнэн сырыы «Эдьигээн» региональнай суол үһүс км-тан графигынан сөп түбэһиннэрэн аһылынна. «Сахадортранс» бэдэрээтчит тэрилтэтэҕэ мууһунан суолга киириигэ уонна тахсыыга тустаах суол знактарын туруорарга сорудахтаатылар.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ мууһунан суол арыллыбыт учаастактара:

Батамай- Сиэгэн-Күөл, Кэбээйи оройуонугар «Сэбээн» суол 20 туоннаҕа диэри;

р. Хатыҥ-Үрэх — Кальвица, Кэбээйи оройуонугар «Кэбээйи» суола биэс туоннаҕа диэри;

Ленскэй-Хамра, Ленскэй оройоунугар «Умнас» суол 30 туоннаҕа диэри.

This post was published on 30.11.2022 11:05 11:05