22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүү өрүс экологията, «АЛРОСА» АХ хоромньутун төлөбүрэ, Марха муостатын тутуу

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт нэдиэлэҕэ “Бүлүү өрүс түбэтин экологическай туруга» диэн парламент истиитэ буолан ааста. Санатар буоллахха, бу тэрээһин балтараа сыллааҕыта «АЛРОСА» хампаанньа буруйунан тахсыбыт улахан саахалга сыһыаннаах. Ил Түмэн быһаччы көҕүлээһининэн, парламент истиитэ ыытыллан, былырыын тохсунньу 30 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатыгар уонна “АЛРОСА” хампаанньаҕа ити Бүлүү өрүскэ тахсыбыт хоромньуну туоратаары анал эрэкэмэндээссийэлэри оҥорон киллэрбиттэрэ. Бу туруорсуу уонна ол сүнньүнэн туох үлэ ыытылла турарын туһунан норуот дьокутаата, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевтыын кэпсэттибит.


— Ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт мунньахха  Бүлүү өрүскэ буолбут саахалы туоратыы боппуруоһугар тустаах тэрилтэлэр салайааччылара, солбуйааччылара, сыһыаннаах дьон бары кыттыбыттара. Ситэриилээх былааска оҥоһуллубут эрэкэмэндээссийэ олоххо киириитин туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыДенис Белозеров оҥорбута, — диэн Владимир Михайлович кэпсиир. — Сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха, былырыын 2019 сыл муус устар 5 күнүгэр  “2019-2024 сс. Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы туһунан» бырагырааманы  оҥорорго дьаһал тахсан, итиннэ сыһыаннаах үлэлэр саҕаланан барбыттара. Ол курдук, Бүлүү түөрт улууһун, Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр нэһилиэгин уонна Эдьигээн оройуонун олохтоохторо бары хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыллыахтаахтар. Маны олоххо киллэрии үбэ быһа барыллаан, 1 млрд. 937,9 мөл. солк. тэҥнэһэр. Бырагыраама «СӨ Кэнэҕэски көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондалара” коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэ үбүнэн уонна “АЛРОСА” хампаанньа  уунан хааччыйыыга диэн 900 мөл. солк. көрөрүнэн үбүлэниэҕэ.

2019 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр  СӨ Наукаларын академиятыгар  2019-2023 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын экологическай туругун уонна  олохтоохторун доруобуйатын биир кэлим научнай өттүнэн бэрэбиэркэлиир, чинчийэр бырагыраама бигэргэммитэ. Бу чэрчитинэн,  Бүлүү уонна Марха өрүстэр түбэлэригэр олорор нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун сэргэ, кинилэр доруобуйаларын  чэбдигирдиигэ биир кэлим үлэ ыытыллыахтаах уонна Бүлүү өрүскэ, кини  салааларыгар баар нэһилиэнньэлээх пууннары ыраас уунан хааччыйыы хайдах ыытыллыахтааҕа быһаарыллыахтаах. Манна туһааннаах үлэлэр бара тураллар. Былырыын балаҕан ыйыгар  СӨ бырабыыталыстыбата, “АЛРОСА” хампаанньа уонна «СӨ Кэнэҕэски көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондалара” коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэ  ити этиллибит бырагырааманы олоххо киллэриигэ  үс өрүттээх Сөбүлэһии түһэрсэннэр, “АЛРОСА” хампаанньа бу анал тэрээһиҥҥэ 138 мөл. солк. тыырбыта.

Манна биири бэлиэтиибин. Ол курдук, 2019-2023 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын экологическай уонна  олохтоохторун доруобуйатын  туруктарын  биир кэлим научнай өттүнэн бэрэбиэркэлиир, чинчийэр бырагыраамаҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, ойуурга үүнэр сир аһын хаачыстыбатын быһаарыы киирбэтэхтэринэн сибээстээн, ити бырагырааманы олоххо киллэрии болдьоҕо 2021 сылга диэри диэн уларыйбыта. СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, соторутааҕыта кулун тутар 5 күнүгэр ити үөһэ этиллибит бырагыраама олоххо киириитин хонтуруоллуур анал  биэдэмистибэннэй хамыыһыйа тэриллэн үлэлээн эрэр.

— Мииринэйгэ Иирэ­лээхтээҕи сир баайдаах учаастакка гидротехническэй эбийиэктэр саахал тахсыан иннинэ Росреестэргэ суох этилэрэ. 

— Экологияҕа, технологическай уонна атомнай кэтээн көрүүгэ  управление Өлүөнэтээҕи сулууспата иһитиннэрбитинэн, Иирэлээхтээҕи уонна Хайатааҕы сир баайдаах учаастарга  гидротехническэй тутуулар барылара  Арассыыйатааҕы реестргэ  тустаах докумуоннара оҥоһуллан киирдилэр. Итини тэҥэ,  түөрт сыл устата кутталы үөскэтиэхтэрин сөп диэҥҥэ декларациялара бигэргэннэ.

“Куһаҕан – үчүгэйдээх” диэн баар, Иирэлээххэ буолбут саахалтан сиэттэрэн,   Саха сиригэр сүрүн реестргэ киллэриллэ илик гидротехническэй эбийиэктэри испииһэктиир үлэ күүскэ ыытылынна. Ол курдук, 117-с №-дээх «Кутталлаах гидротехническэй тутуулар тустарынан» федеральнай сокуон 3 ыстатыйатыгар  сөп түбэһэр  270 эбийиэк баарын быһаардыбыт.

— Бүлүү өрүс уутун хаачыстыбатын туруга сотору-сотору бэрэбиэркэлэнэр бы­һыы­лаах.

— Анал бэрэбиэркэ  былаан быһыытынан ыытылла турар. Туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр уонна киһи үтүө туруктаах буолуутун кэтиир, бэрэбиэркэлиир федеральнай управление Саха сиринээҕи сулууспата Бүлүү сүнньүнэн олорор нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларынан уу хаачыстыбатын тиһигин быспакка бэрэбиэркэлиир. СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Бүлүү өрүс түбэтигэр баар уу туругун эмиэ бэрэбиэркэлиир уонна Балыктааһыҥҥа федеральнай агентство Өлүөнэтээҕи управлениетын кытта бииргэ үлэлээн,  Бүлүү өрүскэ  балыгы үөскэтии тэрээһиннэрин күүскэ ыытта, инники да өттүгэр ити үлэни тиһигин быспакка үчүгэйдик былааннаан ыытыахтара.

— Владимир Михайлович, ааспыт нэдиэлэҕэ буолбут парламент истиитигэр Бүлүү, Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа өрүстэр киртийбиттэригэр хоромньуну төлөөһүн барбатаҕынан сибээстээн, сүрүннээн ханнык эрэкэмэндээссийэлэри оҥордугут?

—  СӨ бырабыыталыстыбатыгар  Саха сирин нэһилиэнньэтин  2035 сылга диэри ыраас уунан хааччыйыыга уһун сыаллаах анал кэнсиэпсийэни оҥорон, СӨ Ил Дарханыгар бигэргэтиигэ киллэрэригэр, атырдьах ыйын 19 күнүн Саха сирин үрдүнэн Бүлүү өрүс күнүн быһыытынан олохтуурга этии оҥордубут уонна  «2019-2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы» бырагырааматыгар  Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Сунтаар улуустарын бары нэһилиэктэрин ыраас уунан хааччыйар тэрээһини киллэрэллэригэр эттибит. 2019-2023 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын экологическай туругун уонна  олохтоохторун доруобуйатын  биир кэлим научнай өттүнэн бэрэбиэркэлиир, чинчийэр бырагыраама олоххо киириитэ хайдах баран иһэрин бу соторутааҕыта тэриллибит биэдэмистибэннэй хамыыһыйа сыл аайы  Ил Түмэн дьокутааттарыгар отчуоттаан иһиэхтээҕин ыйдыбыт.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр Саха сиригэр экологическэй турук хайдаҕын туһунан судаарыстыбаннай дакылаакка Бүлүү өрүс түбэтин экологическэй туругун туспа түһүмэххэ арааран киллэрэллэригэр уонна итини тэҥэ, тустаах министиэристибэ Иирэлээх уонна Аччыгый Ботуобуйа  үрэхтэргэ буолбут саахал хоромньутун  төлөтөрү сокуон  быһыытынан көрөн туруорсан үлэлииллэригэр эттибит.  СӨ  Олорор дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна энергиэтикэҕэ министиэристибэтигэр «2019-2024 сс. Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы» бырагыраама тэрээһиннэрин олоххо киллэриигэ сөптөөх үлэни тэрийэллэригэр ыйдыбыт.

СӨ  Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ сыл аайы Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Сунтаар улуустарын уонна Мииринэй  оройуонун Сүлдьүкээр нэһилиэгин бары олохтоохторун доруобуйаларын туругун биир кэлим  (эндокринологическай өттүнэн эмиэ) сыл аайы бэрэбиэркэлиэхтээхтэрин ыйдыбыт. Ити сүрүннэрин билиһиннэрдим. Оттон, чуо­лаан, «АЛРОСА» хампаанньаҕа туһаайбыт эрэкэмэндээссийэлэрбититтэн сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха, маннык. СӨ бырабыыталыстыбата, “АЛРОСА” хампаанньа уонна «СӨ Кэнэҕэски көлүөнэлэр тус сыаллаах пуондалара” коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэ бииргэ үлэлиэхтээх  үс өрүттээх Сөбүлэһиилэригэр  Бүлүү бөлөх улуустарга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна ойуурга үүнэр сир аһын  хаачыстыбаларын бэрэбиэркэлиир тэрээһини киллэрэллэригэр, 2019-2023 сс. Бүлүү бөлөх улуустар экологическай туруктарын научнай чинчийии уонна «2019-2024 сс. Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы» бырагыраамаларын олоххо киллэриигэ эбии үбү көрөллөрүгэр ыйдыбыт. Итини тэҥэ, саамай сүрүнэ,  Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа уонна Бүлүү өрүстэргэ экологическай өттүнэн оҥоһуллубут  хоромньуну сокуон быһыытынан төлүүллэригэр эттибит. Бу буолар саамай ирдэһэр боппуруоспут.

— Бүлүү өрүскэ тахсыбыт саахалы чөлүгэр түһэриигэ сөптөөх үлэ былаан быһыытынан бара турарын туһунан кэпсэттибит. Дьэ, аны туран, Бүлүү федеральнай суолун тула кэпсэтиэххэ. Сөптөөх үлэ ыытыллан, билигин бу суол лаппа тупсан турар. Тутуутун кэнсиэпсийэтэ хаста да уларыйа сылдьыбыта биллэр. Барыта 20-чэ муоста тутуллуохтааҕыттан биэһэ улахан муоста  диэн этэ. Былырыын үлэҕэ киирбит Марханы туоруур муостабыт ол биэстэн саамай кыралара буолар.

— 2010 сыллаахха  тустаах кэнсиэпсийэ оҥоһуллан бүтэр кэмигэр Ньурба улууһун баһылыгынан үлэлии олорорум.   Ити кэмҥэ Марха муостата бастакынан тутуллуохтааҕын туһунан күүскэ  туруорсубуппут. Тоҕо диэтэххэ, этэн аһарбытыҥ курдук, биэс муостаттан саамай кыралара  буолар уонна  Ньурба улууһун икки аҥы хайытар, муоста суоҕа нэһилиэнньэ кэлиитин-барыытын саас, күһүн улаханнык атахтыыра. 2006 сыллаахха  «Бүлүү» суолун  көрөр-истэр  «Лена» ФГБУ иһинэн атын тэрилтэ тэриллэрин туһунан истибиппит. Ону биһиги министиэристибэбит уонна СӨ тырааныспарга оччотооҕу миниистирэ В.М. Членов этиитинэн үөскээбит «Вилюйавтодор» АУо салалтатын кытары сүбэлэспиппит.  Онон биһиги этиибитин ылыммыттарын түмүгэр,  2007 сыллаахха  «Бүлүү» федеральнай суолун тутар  анал Управление тэриллибитэ.

2010 сыллаахха сайын «Бүлүү» суолун тутуу кэнсиэпсийэтигэр бүтэһик туочуканы туруора «Росавтодор» генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Игорь Астахов анаан-минээн кэлбитэ. Кинини  «Бүлүү» суолун управлениетын салайааччы Николай Андреев арыаллаабыта. Түүкээн үрэххэ көрсөн,  Ньурбаҕа мунньахтаан баран, Ботомоойуга атаарбыппыт.

Бу иннинэ бу  суол гравийынан хаалар дуу, аспаалланар дуу диэн боппуруос быһаарылла сылдьара. Иккиһинэн, улахан муосталары тутуу бэрээдэгэ чопчуланыахтааҕа. Ол күннэргэ уһуннук ардаабакка, быыла сүрдээх этэ.   Федеральнай статустаах суол маннык буолуо суохтаах диэн, хайаан да аспаалланыахтааҕын туһунан эппиппит.  Салгыы Мархаҕа кэллибит. Паром алдьанан биэрэк икки өттүгэр атыыр уочарат. Мархаҕа муоста  бастакы уочарат тутуллуохтааҕын этэн туран,  биэс муостаттан саамай кыралара буоларын уонна  итиннэ ирбэт тоҥ саамай  дириҥ миэстэтэ баарын тустарынан эппиппит.  Өрүһүнэн  туорааһын улууска саамай улахан кыһалҕалааҕын туһунан быһааран биэрбиппит түмүгэр, Игорь Астахов сөптөөх боппуруоһу туруорбуппутун этэн туран, бу суол аспаалланыахтааҕын уонна Мархаҕа бастакынан муоста тутуллуохтааҕын эппитин бары үөрэ истибиппит. Билигин ити этиитэ барыта олоххо киирдэ.

— Сүрүн суолга 20-чэ муоста тутуллуох­таах диэн кэнсиэпсийэҕэ баар. Марха муостатын тутуу суолтата улахан, салгыы атын муосталар тутуллалларыгар аартыгы арыйбыт буолуохтаах.

—  Кэнсиэпсийэни дьүүллэһии кэнниттэн  2008 сылтан баар 20-чэ кыра муоста саҥаттан  кэриэтэ тутуллуохтаахтара уонна биэс улахан муоста тутулларын туһунан сөптөөх быһаарыы ылыныллыбыта. Бырайыактары оҥоруу саҕаланан барбыта.  Ньурбаҕа  Ботомоойу муостатын тутуу  2011 сыллаахха  саҕаламмыта, ол эрээри, бастакы бэдэрээт­чит «Транстрой-Восток» ХЭУо кыаммакка, 2012 сыллаахха «Мостовик» САУо тутуу үүнүн-тэһиинин  салгыы ылан,  муостаны 2013 сыллаахха үмүрүппүтэ.

Бу  сүүнэ тутууларга 100-нэн тыһыынча кубометр үчүгэй хаачыстыбалаах базальт туһаныллара биллэрэ, аны базальт щебенката аспааллыырга эмиэ наада. Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри итиннэ аналлаах матырыйаал Додорукуга уонна Соколинайга баара биллэрэ.  Онон элбэх туруорсуу кэнниттэн Додоруку базальт баайдаах сирин туһаҕа таһаарыы саҕаламмыта. Онон аал баһа хоҥнон улахан үлэлэр саҕаланан барбыттара.

2010 сылтан  боппуруос быһаарыллан, Марха муостатын бырайыага 2012 сыллаахха бүппүтэ уонна 2013 сылга тендергэ кыайан,  «Стройгазконсалтинг» ХЭУо тутууну саҕалаабыта эрээри, эмиэ кыамматаҕа. Онон үлэ икки сыл барбатаҕа. 2015 сыллаахха «Сибмост» ХЭУо хаттаан ыытыллыбыт тендергэ кыайан, үлэ түмүктэннэ.  Марха муостатын тутуллуута нэһилиэнньэ  өр сылларга ыраламмыт баҕата олоххо киириитэ буолар. Билигин санаатахха, саамай сөпкө тайаммыт эбиппит. Муоста үлэҕэ киирбитин кэнниттэн, аны Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүскэ  улахан 5 муостаттан биирдэрэ тутуллар буолла, бырайыагын оҥоруу саҕаланна.

Источник: http://www.sakhaparliament.ru/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА