Бүлүү оройуонугар Дьыыппа уонна Дьабыдах үрэхтэри туоруур муосталар тутулуннулар

Бүлүү — Эдьигээн өрөспүүбүлүкэтээҕи суолтан саҕаланар муниципальнай айан суолугар Дьыыппа уонна Дьабыдах үрэхтэри туоруур муосталар тутулуннулар.

Маны сэргэ бу суолга 7,5 км учаастак эмиэ үлэтэ саҕаланна. Онон сылы эргиччи сиринэн айан суола түөрт нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тэрилиннэ: Күүлэт 1, Күүлэт 2, Үгүлээт, Тылгыны.

«Сахаспецмонтаж-95» тэрилтэ хаачыстыбалаахтык уонна кылгас кэм иһигэр икки муостаны тутан үлэҕэ киллэрдэ.

This post was published on 28.11.2022 11:28 11:28