Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр балыгы ыыһыыр сыах арылынна. Ол туһунан «Олох суола» хаһыат суруйда.
Нэһилиэк баһылыга Октябрь Лукин эппитинэн, өссө 2020 сыллаахха улуус дьаһалтата бюджеттан 1,1 мөл солк балык ыыһыыр оһох ылыыга көрбүтэ. Оттон олохтоох дьаһалта 1,5 мөл солк сыах тутуутугар уонна гааһын тардыыга үбүлээбитэ.
Эбийиэги тутууга «Хотугу Бүлүү» муниципальнай тэрилтэ көмөлөспүтэ, маны сэргэ оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена.
Билигин сыахха Станислав Васильев үлэлиир. Кини маннык идэлээх оройуоҥҥа соҕотох үлэһит буолар. Социальнай хантараак үбүнэн сыах үлэлииригэр тэрили ыланан, ол иһигэр морозильник, электроннай ыйааһын, иһит уо.д.а. үлэтин саҕалаата.
«Ыыһааһыҥҥа «Үнүгэс» кээпэрэтиип балыгын туттабыт. Кини 42 туонна балыкка көҥүллээх, онтон 20 туонната — собоҕо, 22 туонната — өрүс балыгар. Маны сэргэ олохтоох нэһилиэнньэттэн балыгы тутууга көҥүллээхпин. Оһох балыгы тымныы уонна итии технологияларынан оҥорор кыахтаах. 350 кг балык биирдэ киирэр кыамталаах», — диэтэ Станислав Васильев.
Сыах арыллыытыгар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров кыттыыны ылла.
This post was published on 12.02.2024 16:03 16:03