Аҕа дойду улуу сэриитигэр эйэлээх олох иһин турууласпыт аҕаларыгар, эһэлэригэр, ийэлэригэр, эбэлэригэр анаан ыччат дьон кинигэ бэчээттэтэр. Кыайыы 75 сылыгар, 1941 — 1945 сыллардааҕы уоттаах сэрии кыттыылаахтарын, тыылга үлэлээбиттэр, сэрии оҕолорун тустарынан элбэх суруйуу киэҥ эйгэҕэ таһаарылынна. Үбүлүөйдээх сылга «Бүлүмүөтчүк Татаарынап» диэн кинигэ күн сирин көрдө.
«Туйгун пулеметчик» бэлиэлээх, «Кыһыл сулус», «Кенигсберы ылыы иһин», «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэрдээх, иккис группалаах сэрии инбэлиитэ Петр Иннокентьевич Татаринов ыччакка холобур буолар олоҕо кэпсэнэр кинигэҕэ сиэнэ Петр Баишев суруйуутун таһаарабыт.
Олунньу 6 күнүгэр ийэм Мария Петровна батсаабынан хаартыска ыытта. “Көр”, — диэн өссө эрийэн эттэ. Арай боростуой уһуллуулаах хаартыскаҕа саха эдэр буойуна пулеметынан ытыалыыр. Соhуйдум аҕай — олох кини, чуолкай кини!!! Хаартыскаҕа — мин Эhэм!!!
Ийэбэр эрийэн, хантан булбутун ыйыталастым. Онуоха “Золотые выпускники” батсаап бөлөҕөр хаһыат редактора Василий Ильич Алексеев ыытта, туох да диэн суруйбатах диир.
Токкоолоһон билбитим, Романов Юрий Николаевич Москваҕа Домодедово портка, дойдутугар кэлээри рейсын кэтэhэ олорон, YouTube ханаалыгар «History Lab»: «Вторая мировая война. Фильм 10. Идеальный штурм» документальнай киинэни көрө олорон, 28:10 мүнүүтэтигэр сахаҕа майгынныыр саллаат, баара суоҕа 2-3 сөкүүндэ, көстөн ыларыгар хараҕа хатанар. Ону хос-хос көрөн баран, бу мин биир дойдулаахтарым, чугас билэр дьонум аҕалара, эhэлэрэ Татаринов Пётр Иннокентьевич диэн баран, батсаабынан «Үлэ күүhэ» хаһыат редактора В.И. Алексеевка ыытар.
Алексеев Василий Ильич уус хараҕынан таба көрөн, кырдьык даҕаны дии санаат, бөлөхтөргө тиэкиһэ суох ыытар. Ийэм барахсан көрөөт даҕаны аҕатын тута билбит!!! Ол кэннэ чуолкайдаһаары миэхэ ыыппыт.
Оттон Юрий Николаевич инстаграм сирэйигэр киинэ ханна баарын ыйан туран, “подписчиктарыгар” үллэстэр.
Олунньу ый 7 күнүгэр «Үлэ күүhэ» хаhыакка Василий Ильич Алексеев суруйуутугар «Горнай пулеметчигын соһуччу документальнай киинэттэн биллилэр» диэн ыстатыйа тахсар.
Мин эhэм ити кэмҥэ ханна сулууспалаабытын чуолкайдаан,
киинэни кытта тэҥнииргэ сананным
«II-й Белорусский фронт под командованием маршала Советского Союза — Константина Константиновича Рокоссовского и ещё 3-х командующих была проведена Восточно-прусская наступательная операция» диэн суруллар архыып докумуонугар. Оруобуна тахсан кэллэ!
Ити киинэҕэ 1945 сыл муус устар 6-9 күннэрэ көстөр — «Кенигсберская операция». Эhэм киинэҕэ уhула сылдьар байыаннай кэрэспэдьиэни өйдөөн көрбүт эбит этэ. Кэпсээччи. Документальнай киинэлэри чуумпуран аҕай олорон, хайаан да көрөрүн өйдүүбүн. Кини онно кэтэhэр быhыылааҕа убайдарын: Киргиэлэйи, Дьөгүөрү, баҕар, миигин киинэҕэ уhулбуттара көстүө дуу диэн эмиэ санаахтаатаҕа.
Киинэ эһэм тыыннааҕар көстүбүтэ буоллар!!! «Чэ, барахсан художественнай киинэни дуу, спектаклы дуу уста сылдьыбатах буоллаҕа. Баҕар онно өстөөх буулдьатыттан охтубута буолуо…», — диэбиттээх.
Хата киинэ байыаннай архыыпка сыппыт. Киинэ оҥоһуллан бүтэн, 2019 сыл ахсынньы 15 күнүгэр биирдэ премьерата буолбут.
Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар кыраҕы харахтаах биир дойдулаахтарбыт көмөлөрүнэн, эһэбит өстөөхтөрү утары сэриилэһэ сылдьара көстөн кэлбитэ — наhаа соhуччу үөрүү буолла!!!
Ити киинэҕэ көстөр «Отличный пулеметчик» бэлиэлээх мин эhэм сэрии устатыгар пулеметчигынан сылдьыбыта. 60 киилэ ыйааһыннаах “Максим” станковай пулемет. Онтон 1943 сыллаахха эһэбитигэр СГ-43 станковай пулемёт (Горюнов тупсарыллыбыт пулемёта) туттарыллар. Сэрии сэбэ толору иитиллибит ыйааһына 40-ча киилэ. Маны соhо-сүгэ сылдьан, кырыктаах киирсиилэргэ напарнигын кытта өстөөҕү кыдыйаллар!
Долгуйуум муҥура суох! Уоттаах сэрииттэн тыыннаах кэлэн ийэбин Мария Петровнаны, эдьиийдэрбин Христина Петровнаны, Татьяна Петровнаны төрөтөн, биhиги алта ини-биилэр баарбытыттан!!!
Баппаҕаайы Холболооҕор 1919 сыллаахха Бөтүрүөп таҥара күн орто дойдуга киинин быспыт, Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгиттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт, бүлүмүөтчүк
Петр Иннокентьевич Татаринов: «Сэрии диэн иэдээн. Ийэ дойдугутугар бэриниилээх буолуҥ, таптааҥ төрөөбүт түөлбэҕитин, бар дьоҥҥутун, кыаххытын-талааҥҥытын арыйан иһиҥ, айылҕаҕытын харыстааҥ», — диэн эппит алгыһа ыччакка ананар.
«Бүлүмүөтчүк Бүөтүр Татаарынап» кинигэбитин Улуу Кыайыы 75 сылыгар аныыбыт.
2019 сылга биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит, Аҕа дойду иккис улуу уоттаах сэриитин кыттыылааҕа Татаринов Петр Иннокентьевич 100 сылын бэлиэтээбиппит. Быйыл 2020
үбүлүөйдээх сылга «Вторая мировая война. Фильм 10. Идеальный штурм» документальнай киинэҕэ бүлүмүөтчүк Татаарынап сэрии кэминээҕи олоҕо ырылхайдык көһүннэ. Долгуйдубут, ытастыбыт…
Аҕабыт, эһэбит доҕотторун кытта дойдуларын көмүскээн, сорохторо сэрии толоонугар хаалан, сорохторо тыыннаах ордон кэлэн, эйэлээх олоҕу туппуттара. «Туйгун пулеметчик» бэлиэлээх, «Кыһыл сулус», «Кенигсберы ылыы иһин», «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэрдээх, иккис группалаах сэрии инбэлиитэ Петр Иннокентьевич уоттаах сэриигэ хорсун киирсиилэрин, эйэлээх олоххо үтүө үлэтин туһунан сэргээн ааҕыҥ. Сэрии хаһан да буолбатын! Эйэлээх олох уруйдана турдун!!! Төрөппүт кыргыттара, күтүөттэрэ, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ
This post was published on 10.05.2020 17:04 17:04