20 Балаҕан ыйа 20.09
  • $ 92,7
  • 103,25

Бүлүүлэр былааннарын 62 бырыһыанын оттоотулар

10:34, 29 августа 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын 26 күнүн туругунан Бүлүү улууһун отчуттара 17221 т оту бэлэмнээн былааннарын 62 бырыһыанын толордулар. Оттон быйылгы былаан — 28 тыһ. т окко тэҥнэһэр.


Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена ууга баран, курааннаан айылҕа кубулҕаттарыгар ылларбыт Бүлүү улууһугар быйыл сайын 19,5 тыһ. т от оттонуо диэн суоттанар.

Биирдии нэһилиэктэринэн ыллахха, I Күүлэт нэһилиэгэ 1490 т оту бэлэмнээн былаанын 52 %, Арыылах — 1060 т оту кэбиһэн былаанын 81% , Кыргыдай — 1560 т бэлэмнээн былаанын 66%, Тылгыны — 1413 т оттоон былаанын 85% , Үгүлээт — 680 т оту туруоран былаанын эмиэ 85%, Чочу — 1174 т оту бэлэмнээн былаанын 63%, Тоҕус — 1297 т оту оттоон былаанын 61% толорон иһэллэр. Ити үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэктэр.

Курааҥҥа, ууга барбыт нэһилиэктэр ходуһаларыгар үүнүү мөлтөх. II Күүлэт нэһилиэгэ былаанын 44%, Баппаҕаайы былаанын 45%, Лөкөсчөөн –былаанын 52%, Бөкчөҥөө – былаанын 54%, I Тоҕус – былаанын 57%, Тааһаҕар — былаанын 54%, Хаҕын – былаанын 54%, Черныщевскай нэһилиэгэ былаанын 58 бырыһыан толорон иһэллэр. Эбиитин кэлиҥҥи күннэргэ ардахтаан ходуһаларга оттооһун тэтимэ биллэ бытаарда.

Бүгүҥҥү күн туругунан 26 мобильнай биригээдэ тэриллэн ыраах оттуу сылдьаллар, сорох биригээдэлэр улуус иһигэр атыыланар страховой оту бэлэмнииллэр, сорохтор нэһилиэктэрин хаһаайыстыбаларын хааччыйар оту бэлэмнии сылдьаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА