Бүлүүлүүр суолга тахсыбыт улахан быһылааҥҥа түөрт киһи эчэйдэ

Бүгүн сарсыарда 07.55 чааска Бүлүүлүүр суол 3 км. түөрт массыына харсыста. Улахан быһылааҥҥа түөрт киһи эмсэҕэлээтэ. Ити туһунан ГИБДД пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Барыллааһын быһаарыынан, «Тойоты Таун Айс» суоппара утары суолга тахсан биэрбит, инньэ гынан «Тойота Пассо» уонна «Тойота Таун Айс Ноах» массыыналары кытта харсыспыт. «Тойота Таун Айс Ноах» суолтан туораан ханаабаҕа баран түспүт. Эчэйбит дьону куорат балыыһатыгар аҕаллылар. Быһылаан төрүөтүн быһаараллар.

This post was published on 19.12.2016 10:51 10:51