Бүлүү куорат иһинээҕи суолу өрөмүөннүүр үлэҕэ көрүллүбүт, ол эрээри туттуллубатах үбү улуус хааһынатыгар төннөрүөхтэрэ, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».
2019 сыл бүтүөр диэри Бүлүү улууһун бүддьүөтэ 85 мөлүйүөн солкуобайынан үрдүө. Оттон кэлэр сылга бу үбү куорат хаттаан ылыаҕа. Ол эрэн, эрдэ өрөмүөннүүргэ былааннаммыт түөрт уулусса оннугар, эһиил икки — Ленин уонна Өктөөп аатынан уулуссалар бүрүһүөннэрэ саҥардыллыаҕа.
«Куорат аннынан ОДьКХ ситимин коммуникациялара ааһар: гаас ситимэ, төлөпүөн боруобаттара, ол быыһыгар былыргы туохха ананара биллибэт боруобаттар кытары бааллара билиннэ. Итини барытын үчүгэйдик чинчийэн үөрэтии ирдэнэр, онон бырайыактааһыҥҥа эбии үлэ бара турар. Ол кэнниттэн эһиил суол өрөмүөнэ салҕаныаҕа», – диэн куорат баһылыгын солбуйааччы Сардаана Кырбасова иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл суол өрөмүөнүн үлэтин ыытарга куорат икки төгүл куонкурус биллэрбитин, биир даҕаны тэрилтэ кыттыбакка суол оҥоһуллубатах.
This post was published on 15.11.2019 16:02 16:02