От ыйыгар Бүлүү куоратыгар бэйдиэ сылдьар ыт кыра саастаах кыыс оҕону ытырбыт. Бүлүү улууһун прокуратурата бу түбэлтэнэн куорат дьаһалтатын үлэтигэр кэһиилэри булла.
Суут ыт ытырыытыттан эмсэҕэлээбит оҕоҕо муниципалитет 150 тыһ солк компенсация төлүүрүгэр быһаарда.
Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Бүлүү куоратын дьаһалтата бэйдиэ сылдьар ыттары кытта эппиэтинэстээх сыһыан сокуонун толорууга кэһиилэри таһаарбыт. Ол түмүгэр ыт оҕоҕо саба түспүт.
Компенсация суумата оҕо эчэйиитин туругунан сыаналанна.
Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэринэн ааһыныахтарын сөп.