Бүлүү ходуһаларыгар от үүнүүтэ мөлтөх

Атырдьах ыйын 3-4 күннэригэр Бүлүү улууһугар оттооһун хаамыытын, от үүнүүтүн көрө, үлэ тэрээһинин билсэ тыа хаһаайыстыбатын министерствотын департаменын салайааччыта Андрей Андреев сырытта.


Кини Баппаҕаайы, Лөкөчөөн, Дьөккөн, Тааһаҕар, Чочу, Чернышевскай, Бөтүҥ нэһилиэктэрин ходуһаларыгар сырытта.

“Ампаардаах” ХЭО Новосибирскай уобалаһыттан аҕалыллыбыт симментал боруода 103 ыанар ынаҕын аныгы тутуулаах сүөһү комплексыгар көрөр, ынахтар туруктара үчүгэй, “Чочу” кооператив ходуһатыгар оту, сиилэһи бэлэмниир. “Ампаардаах” ХЭО хаһыс да сылын кыһыннары Бүлүү к. олохтоохторун сибиэһэй үүтүнэн, сүөгэйинэн, суоратынан хааччыйар.

Хаһаайыстыба былырыын Эбэҕэ 180 т оту бэлэмнээбит буоллаҕына, быйыл атырдьах ыйын 4 күнүн туругунан 80 т эрэ оту кэбистэ. Быйыл манна от үүнүүтэ мөлтөҕө харахха быраҕыллар, оттон Күбээйи ото отойдуун да хаппытын кооператив салайааччыта кэпсээтэ. Кооператив Эбэҕэ — 250, Күбээйигэ -100 га кэриҥэ оттуур ходуһа сирдээҕиттэн хаһаайыстыба быйыл мунньан-тараан 120 т оту кэбиһиэн сөп.

“Ампаардаах” ХЭО күһүн-кыһын төрүүр ынахтарын 350 т отунан дьыл таһаарар. Былырыын 280 т оту кэбиспит, 50 т оту атыыласпыт буоллаҕына, быйыл 200 т оту атыылаһары былаанныыр. Тэрилтэ былырыын эбиэс ыһан 300 т сиилэһи бэлэмнээбитэ, быйыл 450 т бэлэмниэхтээх. «Ыанар ынахпыт ахсаанын 125 төбөҕө диэри элбэтэр былааннаах этибит», — диэн тэрилтэ салайааччыта Симон Томскай кэпсээтэ.

Балаһыанньаны миэстэтигэр билсибит Андрей Андреев маннык түмүк оҥордо:
— Сүрүн ходуһаларга от үүнүүтэ мөлтөх эбит диэн көрдүбүт. От төрдө хойуу эрээри, от ыйыгар ардаабакка, түүнүн тымныйан ходуһа сирэ булууһуран, от үүммэтэх. Ити түмүгэр урукку оттуур отторуттан бүлүүлэр бэйэлэрин суоттаныыларынан 70 бырыһыанын ылыахпытын сөп дииллэр. Ол эрэн, билигин даҕаны оттуурга күн-дьыл баар. Тэрээһин үлэни кыайа тутуохха наада.

Билигин министерство өттүттэн көмө оҥоһуллар, ол курдук, мобильнай биригээдэлэргэ техникэ уматыга бэриллэр, Бүлүү улууһугар мобильнайдары тэрийии, ыраах барааччыларга уматыгы биэрии саҕаланна.

This post was published on 05.08.2016 09:18 09:18