Бүлүү хирурдара өттүк уҥуоҕугар уустук эпэрээссийэни оҥордулар

Бүлүү улууһун Прокопий Петров аатынан Киин балыыһатын хирурдара өттүк уҥуоҕа тостубутун холбооһуҥҥа интрамедуллярнай остеосинтез диэн ньыманы туһанан эпэрээссийэ оҥордулар.


Бүлүүтээҕи Киин балыыһа исписэлиистэрэ иһитиннэрбиттэринэн, маннык ньыманан эмтэммит бастакы ыарыһаҕынан өттүгүн уҥуохтарын тоһутан, Бүлүү Киин балыыһатын хирургияҕа отделениетыгар киирбит киһи буолла. Оттон иккис эпэрээссийэ Бүлүү — Дьокуускай айан суолугар суол быһылааныгар араас эчэйиини ылбыт, ол иһигэр өттүгүн уҥуохтара тостубут киһиэхэ оҥоһулунна.

Хас да чаас устата оҥоһуллубут эпэрээссийэлэри Киин балыыһа травматолог-бырааһа Семен Макаров хирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ Алексей Григорьевы, хирург-быраас Афанасий Татариновы уонна эпэрээссийэ отделениетын медицинскэй сиэстэрэтэ Августина Егорованы кытары оҥордо. Кинилэргэ реанимация отделениетын сэбиэдиссэйэ Иван Эверстов, үрдүк категориялаах медицинскэй сиэстэрэ Ольга Михайлова уонна рентген-лаборант Геннадий Данилов көмөлөстүлэр.

Бүлүү Киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Егор Григорьев эппитинэн, сыл аайы Киин балыыһа хирургияҕа отделениетыгар өттүк шейката тостуулаах отучча киһи, сүрүннээн 60 саастарын ааспыт дьон, киирэр. Маннык эчэйии сүрүн кыһалҕатынан кырдьар сааска уҥуохтар мөлтөхтүк силбэһэллэрэ буолар. Кэккэ эйэчии кэнниттэн үксүлэригэр араас ыарыылара көбөр, ол түмүгэр өр кэмҥэ суорҕан-тэллэх киһитэ буолуохтарын эмиэ сөп. Онон, маннык уустук эпэрээссийэ көмөтүнэн ыарыһахтарга үрдүк технологиялаах көмө улууска бэйэтигэр оҥоһуллар буолуоҕа.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

This post was published on 14.11.2019 16:51 16:51