«Бүлүү» суолун управлениета «Бүлүү», «Халыма» суолларыгар өрүһүнэн сырыы аһыллар барыллаан болдьохторун эттэ.
4 туонна уйуктаах массыыналар Бүлүү өрүһү:
— Үөһээ Бүлүү аннынан (660 км) сэтинньи 23 күнүгэр туорууллара көҥүллэниэ;
— Күндээдэҕэ (807 км) – сэтинньи 25-тэн;
— Уустуйаҕа (956 км) – ахсынньы 5 күнүгэр;
— Кириэстээххэ (1049 км) – ахсынньы 10-гар.
«Халыма» трассатыгар 10 туонна уйуктаах массыыналарга көҥүл:
— «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан тохсунньу 5 күнүттэн көҥүллэнэрэ сабаҕаланар. «Хандыга — Мэҥэ-Алдан» хайысханан – ахсынньы 14-тэн.
Ыйыллыбыт болдьохтор халлаан туругуттан, муус халыҥыттан көрөн уларыйыахтарын сөп. Суолга сэрэхтээх буолар туһуттан «Бүлүү» суоллара тэрилтэ суоппардары чараас мууһунан, көҥүлэ суох сирдэринэн айаннаабаттарыгар көрдөһөр.
Билигин өрүстэргэ киириигэ бобуу бэлиэлэрэ, дьуһуурунай пуостар турдулар. Суол үлэһиттэрэ кыстык суоллары бэлэмнээһини, мууһунан сырыыны оҥорууну, өрүстэргэ киирии суоллары кутууну саҕалаатылар
This post was published on 28.10.2020 17:02 17:02