- Биллиилээх олоҥхоһут үбүлүөйүн бэлиэтээһини Бүлүүгэ эһиил ыытыллыахтаах Олонхо ыһыаҕын кытта ситимнээн, олоҥхоҕо сыһыаннаах сүбэ-соргу тобулар бастакы тэрээһин быһыытынан көрүөххэ сөп.
- «Төгүрүк остуолга» олоҥхону киэҥ эйгэҕэ таһаарыга, үөрэх кыһаларыгар киллэриигэ үлэлэһэр дьон, олоҥхоһуттар, тойуксуттар санааларын этиннилэр. Кинилэр ортолоругар биһиги биир дойдулаахтарбыт: оһуохайдьыт, тойуксут, «Киис Бэргэн бухатыыр» олонхолоох С.И.Иванову, тойуксуттар К.П.Харлампьеваны, П.Н.Петровы, С.Менкяровы, Олонхо дьиэтин специалиһа В.С.Николаевы, В.О.Каратаев аатынан олоҥхо народнай коллективын салайааччы С.Т.Иванованы, Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан кэлбит ыалдьыттары уо.д.а. ааттаталыахха сөп.
- Ньурбалар Олонхо ыһыаҕын хайдах тэрийбитэрин билиһиннэрдилэр, сүбэ-ама биэрдилэр, биллэр олонхоһуттара В.Н.Иванов-Чиллэ Олонхо ыһыаҕа саха сиэринэн ыытылларыгар баҕа санаатын эттэ. Кэлиҥҥи Олонхо ыһыахтара сэрии сэптээх-сэбиргэллээх, аттаах бухатыырдардаах, ньиргиэрдээх доҕуһуоллаах шоуга кубулуйбуттарын специалистар бэлиэтииллэр.
- Бүлүүгэ сылдьыбыт Г.Попова-Санаайа Мэҥэ-Хаҥаласка ыытыллыбыт ыһыах олоҥхо каноннарыгар син сөп түбэһиннэрэн тэриллибитин этэн турардаах. Ол иһин бүлүүлэр дьиҥ Олонхо ыһыаҕын тэрийэргэ Мэҥэҕэ тиийэн билсэн кэлбиттэрэ уонна тэрээһин үлэни саҕалаатылар: Олонхо ыһыаҕын дирекцията тэрилиннэ, культура управлениетын специалистара элбиэхтээхтэр, сценарийга, эскизтэргэ үлэ саҕаланна…
- Ити туһунан В.О.Каратаев «Модун Эр Соҕотох» олоҥхотун үлэлэһэн аан дойду таһымыгар таһаарбыт үтүөлээх, олоҥхонон анан-минээн дьарыктанар наука доктора В.В.Илларионов санаатын «төгүрүк остуолга» бу курдук үллэһиннэ:
- — Олоҥхо ыһыахтарын ыытыы регламена чопчу буолар, сирин талыыттан саҕалаан алгыс этиитигэр тиийэ. Улуускут баһылыгын С.Н. Винокуровы көрсөн, Олоҥхо ыһыаҕар күүстээх үлэни ыытарга бэлэмин көрдүбүт. Хайҕаллааҕа диэн Олоҥхо ыһыаҕын ыытыы бастакы варианын оҥорторбута буолар. Өссө тупсаран, чочуйан биэриэххэ наада дии саныыбын, Аал-Луук Мас хомуһу санатарын сэргээтим. Бүлүүлэр олоҥхону кытта хомуһу өрө туппут дьон буолаҕыт. Онон, Олоҥхо, Оһуохай, Хомус диэн ааттаан Олоҥхо ыһыаҕын ыытыаххытын сөп. Ыһыахтары ыһыыга научнай-практическай конференциялар сүрүн оруоллаахтар, кулун тутарга эбэтэр муус устарга ыытыаххытын наада. Хас биирдии Олонхо ыһыаҕар бэлэмнэнии быһыытынан итинник конференциялар тэриллибиттэрэ.
- Дьокуускайтан кэлбит олоҥхо специалиһа В.В.Обоюкова санаатын мустубут дьон сэҥээрэ иһиттилэр.
- «Төгүрүк остуолга» Олонхо национальнай комитетын уонна ассоциациятын кытта ыкса үлэни ыытарга этилиннэ. Кэпсэтиигэ куорат дьаһалтатын баһылыга А.Г. Шипков, культура управлениетын салайааччы С.П.Афанасьев, управление специалистара, В.О.Каратаев аатынан олоҥхо народнай коллектива, атын да общественнай түмсүүлэртэн, үөрэх кыһаларыттан, уһуйааннартан уонна куорат олохтоохторо кытыннылар. Үөрэх кыһаларын үөрэнээччилэрэ олоҥхо, тойук толорон дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. «Төгүрүк остуолу» улуус дьаһалтатын баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы В.Ф. Тихонова салайан ыытта.
- Биллэн турар, үбүлүөйдээх тэрээһин ыытылларынан «төгүрүк остуолга» уос номоҕор сылдьар «Модун Эр Соҕотох» олоҥхо автора В.О.Каратаев үтүөтүн элбэх киһи ахтан-санаан ааста, үтүө тылынан аҕынна. Олоҥхоһут хос сиэнэ, Таатта Чымнаайытын оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Айтаал Сидоров эһэтин олоҥхолоругар олоҕуран холобурдары оҥортообутун мустубут дьон сэргээтилэр.
- «Алгыс» Сынньалаҥ киинин директора, культура туйгуна Н.Н.Иванова «төгүрүк остуол» түмүктүүр быһаарыытын билиһиннэрдэ. Ол курдук, «Олоҥхо — үйэлээх үгэспит» «төгүрүк остуол» олонхону чинчийиигэ, үөрэтиигэ Саха Республикатын культуратын туйгуна С.Т.Иванова салайааччылаах В.О.Каратаев аатынан олоҥхо народнай коллективын таһымнаах үлэтин, Олоҥхо дьиэтэ сөптөөх үлэни саҕалаабытын бэлиэтээтэ уонна Олоҥхо ассоциациятын Бүлүүтээҕи филиалын үлэтин сөргүтэргэ, В.О.Каратаев аатын Олоҥхо дьиэтигэр иҥэрэргэ, бюст эбэтэр пааматынньык туруорулларын ситиһэргэ, олоҥхоһут үлэлэринэн кинигэ оҥорорго, «Модун Эр Соҕотох» туһунан киинэ устарга этиилэри ылынна.
- «Төгүрүк остуолга» В.В.Илларионов олоҥхоһут В.О.Каратаев олоҥхото аан дойдуга биллибитин курдук, Саха сирин бастыҥ кылыһахтаах оһуокайдьытын С.И.Иванову өрө тутан аан дойдуга таһымыгар таһаарыахха диэн этиммитэ оруннаах.
- Николай КУПРИЯНОВ
This post was published on 20.01.2016 16:51 16:51