Саха сирин суруналыыстыкатыгар сүдү кылааттаах Нина Иннокентьевна Протопопова аналлаах сквер арыллыытыгар Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров, Бүлүү улууһун үөрэҕэриитин салайааччыта Н.М. Семенова, Н.И Протопопова аймахтара уонна үөлээннээхтэрэ, Чинэкэ уонна Дьөккөн нэһилиэктэрин олохтоохторо, Бүлүү улууһун педагогтара кыттыыны ыллылар. Бу туһунан http://keskil14.ru суруйар.
Сквергэ турбут пааматынньыгы арыйар чиэскэ тигистилэр: Бүлүү улууһун баһылыга С.Н Винокуров, Н.И Протопопова уола П.Н. Кондаков, Бүлүү улууһун үөрэҕэриитин салайааччыта Н.М. Семенова, Н.И. Протопопова балта, Саха Республикатын физическай культуратын үтүөлээх үлэһитэ М.Г. Куличкина уонна Н.И. Протопопова аатынан “Оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар “Кэскил” киин” дириэктэрэ С.А. Васильева.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров мустубут дьону эҕэрдэлээтэ уонна маннык туһайан эттэ: “Бүлүү улууһа төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбит элбэх дьоннордоох, олортон биирдэстэрэ Нина Иннокентьевна Протопопова буолар. Онон бүгүҥҥү тэрээһин Бүлүүгэ эрэ буолбакка, бүтүн республика үрдүнэн улахан суолталаах буолар”.
Үөрэҕэрии начальнига Наталья Михайловна Семенова: “Бу сквер улуус педагогтарын үбүлээһининэн туруорулунна. Педагогтар Бүлүү куоратыгар номнуо үһүс бэлэхтэрэ буолар, ол курдук “Учууталлар Аллеяларын” уонна народнай учуутал М.А. Алексеев скверын туттарбыттара. 2017 сыллаахха Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров Н.И. Протопопова үбүлүөйдээх тэрээһинигэр туһаайан эппит сорудаҕын улуус педагогтара чиэстэээхтик толордулар дии саныыбын уонна кинилэргэ махталбын тиэрдэбин” — диэтэ.
Нина Иннокентьевна уола Петр Николаевич бэйэтин махталын Бүлүү олохтоохтуругар тиэртэ уонна тоһоҕолоон эттэ:
“Сквер учууталлар көмөлөрүнэн турбута улахан суолталаах, биһиги ийэбит төһө да атын эйгэҕэ үлэлээбитин иһин, кини үйэтин тухары оҕо уонна ыччат иитиитигэр үлэлээбитэ”.
Тэрээһин сибэкки дьөрбөтүн ууруунан түмүктэннэ. Бүлүүгэ Н.И. Протопопова аатын үйэтитии манан эрэ бүппэт, кини аата 2017 сыллаахха “Оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар “Кэскил” кииҥҥэ” иҥэриллибитэ, диэн суруйар Оҕо айар уонна тобулар дьоҕурун сайыннарар “Кэскил” киин “Репортер” медиа – центр эдкора Юлия Фомина.
This post was published on 09.09.2020 12:03 12:03