Бу күһүн ыытыллыахтаах Госдума быыбарыгар “Биир ньыгыл Россия” партия Саха сиринээҕи отделениетыттан кандидаты быһаарар праймериз биир сонун түһүмэҕэ –дебаттар Бүлүү к. муус устар 10 күнүгэр ыытылыннылар.
“Биир ньыгыл Россия” партия Саха сиринээҕи отделениета бэйэтин партиятыттан кандидаты быһаарар праймериһы ыытыыны 2007 сылтан — эмиэ Госдума быыбарыттан саҕалаабыта. Итинтэн ыла праймериз института общество олоҕор бигэтик киирдэ, сылын аайы сайдан, чочуллан иһэр.
Ил Түмэн, улуус, нэһилиэктэр баһылыктарын быыбардарыгар “Биир ньыгыл Россия” партияттан кыттааччылар праймериһи булгуччу ааһар бэрээдэктэрэ олохтонно, кыайыылаахтар быыбардарга партия өйөбүлүнэн туһаналлар.
Улууска Госдума, Ил Түмэн, баһылыктар быыбардарыгар хатыһыылаах праймеризтар ыытыллыбыттарын улуус олохтоохторо истибит, сорохторо кыттыбыт буолуохтаахтар.
Праймериз – быыбар иннинээҕи бэйэтэ “кыра” быыбар. Быйылгы праймериз ыам ыйын 22 күнүгэр быыбарынан түмүктэниэхтээх. Быыбар күн быыбардааччылар биир эбэтэр рейтини быһаарарга хас да кандидакка эмиэ куоластыахтарын сөп.
Быыбарга диэри кандидаттар бэйэлэрин билиһиннэрэр агитацияны ыыталлар, ол иһигэр сонун тэрээһиҥҥэ — дебаттарга араас боппуруостарга бэйэлэрин көрүүлэрин, санааларын аһаҕастык этинэллэр, бэйэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэллэр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хайысхалаах боппуруостарга 15 дебат ыытыллыахтаах. Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ “Нацияны харыстааһын” диэн темаҕа ыытыллар дебаттарга үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, социальнай политика боппуруостара таарылыннылар.
Н.Г.Чернышевскай аат. Бүлүүтээҕи педколледжка ыытыллыбыт дебаттарга Дьокуускай к. Думатын депутата, “Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа” отделын начальнига Владимир Аммосов, биир дойдулаахпыт, “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай редактора, политолог Чокуур Гаврильев, Ил Түмэн депутата, “Биир ньыгыл Россия” партия “Эдэр гвардия” регионнааҕы отделениетын лидерэ, ХИФУ профкомун салайааччыта Александр Сусоев кыттан күүстэрин-кыахтарын, билиилэрин-көрүүлэрин холостулар.
«Эрчимнээх, кэнэҕэскилээх эдэр политиктар үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, социальнай политика боппуруостарыгар бэйэлэрин тус көрүүлэрин билиһиннэрдилэр, тирээн турар кыһалҕалаах боппуруостар хайдах быһаарыллыахтарыгар санааларын аһаҕастык атастастылар, араас өрүттээх элбэх ыйытыкка хоруйдаатылар. Сорох кандидаттар бэйэ көрүүлэрин билиһиннэриилэрэ, ыйытыктарга хоруйдара төһө да мөккүөрдээх буоллаллар, аһаҕас кэпсэтиилээх дебаттар да, кандидаттар да өйдөбүлү хааллардылар. Дебаттары көрөргө, истэргэ интэриэһинэй эбит.
Дебаттары истибиттэр партия праймериһын куоластааһыныгар бэйэлэрин кандидаттарын хайы-үйэ быһаарыннахтара.
Дебаттары Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, маассабай информация средстволарыгар, общественнай тэрилэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин салайааччыта Антонина Григорьева көрдө-иһиттэ, дебаттары «Биир ньыгыл Россия» политическай партиятын Саха сиринээҕи салаатын толорор Комитетын салайааччытын I-кы солбуйааччыта, модератор Василий Амбросьев чаҕылхайдык ыытта.
This post was published on 14.04.2016 17:17 17:17