Бүлүүгэ бэтэринээрдэр чарапаахы хараҕын эмтээтилэр

Хаартыска: ЯСИА

Бүлүүтээҕи бэтэринээр пуунугар кыра чарапаахы хаһаайына экзотическай харамайын хараҕын көрдөрдө. Быраастар конъюнктивиттаабытын быһаардылар, көмө оҥордулар.

Чарапаахы хараҕа улаханнык ыалдьар уонна кыһытар. Ол иһин рептилия бэйэтэ хамсанар да, аһыыр да кыаҕыттар ааһар, диэтилэр бэтэринээр департаменыгар.

Бактерия утары препаратынан былчыҥар укуол туруордулар. Бу олус ювелирнай үлэ буоларын бэлиэтээтилэр, харамай кырата бэрт.

Эмтээн ьаран чарапаахыны дьиэтигэр ыыттылар, хаһаайыныгар хайдах көрөрүн сүбэлээтилэр.

This post was published on 08.12.2023 14:28 14:28